САХА СИРЭ. КУЛУН ТУТАР 31 КҮНЭ — ULUS.MEDIA. Соторутааҕыта «Арчы» духуобунас киинэ Россияҕа Иитээччи уонна уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаан, сандал сааһы көрсө «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толоруу бэстибээлин тэрийэн ыытта. Бу тэрээһиҥҥэ Нам, Таатта, Чурапчы, Сунтаар, Ньурба, Горнай, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан олоҥхону толорооччулар кыттыыны ыллылар. 13-с төгүлүн ыытыллыбыт олоҥхо тэрээһинигэр 8 бөлөҕүнэн, 21 биирдиилээн толорооччу, уопсайа 77 олоҥхоһут кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр специалиһэ, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.Н.Протодьяконова үлэлээтэ. Оттон дьүүллүүр хамыыһыйаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, «Арчы Дьиэтэ» духуобунас киинин Консультативнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.С.Толбонова, «Арчы Дьиэтэ» духуобунас киинин салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Л.К.Андреева, фольклорист учуонай, филологическай наука кандидата, РНА СС гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт научнай үлэһитэ А.Н.Данилова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин сүрүннүүр специалиһэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ Л.И. Васильева, Аграфена Дмитриевна Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын анал дисциплиинэлэргэ үрдүк категориялаах преподавателэ, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ А.Н. Васильева талыллан үлэлээтилэр.
Олоҥхо — саха норуотун тылынан уус-уран айымнньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта. Үтүө үгэһи салҕаан, ол туһугар сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар күндү дьоммут, олоҥхоһуттарбыт бу күн кэлэн күөн көрсөн, улахан түһүлгэни төрүттээтилэр.
Түмүккэ, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бөлөҕүнэн толорууга — Чурапчы нэһилиэгиттэн В.И.Оконешникова салайааччылаах «Айылгы» оройуоннааҕы норуот айымньытын дьиэтин аҕа саастаах толорооччуларын бөлөҕө «Кылаан Чыпчаал» үрдүк аат хаһаайына буолан, Олоҥхо киинэ олохтообут 30000 сууммалаах сертификатын тутта. Биирдиилээн толорууга «Кылаан Чыпчаал» аат Чурапчыттан Анатолий Христофоровка иҥэрилиннэ. Кини Олоҥхо киинин 20000 сертификатын тутан үөрүү, кыайыы өрөгөйүн биллэ.
Биирдиилээн толорууга, «I ҮРДЭЛ» номинация Сусанна Лазарева (Чурапчы, Кытаанах), «II ҮРДЭЛ» — Изабелла Макарова (Сунтаар), «III ҮРДЭЛ» — Розалия Докторова (Таатта) кыайыылаахтарынан буоллулар.
Итини таһынан, «Кэрэхсэтэр толорооччу» Александра Яковлева (Сунтаар), «Удьуор утумун тутааччы» Нюргустана Лебедева (Нам), «Үтүө саҕалааһын» Василина Баланова (Дьокуускай), «Түөлбэ олоҥхоһут» Николай Григорьев (Чурапчы, Чакыр), «Олоҥхо тэтимин тутааччы» Иван Слепцов (Таатта, Харбалаах) ааты ыллылар.
Оттон бөлөҕүнэн толорууга — «I ҮРДЭЛ» «Алгыс» олоҥхоһуттар бөлөҕө (Нам, 1 Хомустаах, салайааччы Е.И.Руфова), «II ҮРДЭЛ» — «Алгыс» фольклор ансамбла (Горнай, салайааччы Д.Е.Алексеева, Л.С.Черенкова), «III ҮРДЭЛ» — «Күн Сандаар» бөлөх, (Дьокуускай, салайааччы В.В. Баланова) кыайыылааҕынан буоллулар.
Дьокуускай куораттан «Дьиэрэтэр кылыһахтаах толорооччулар» «Алаhа дьоҕура» этнофольклорнай бөлөх, салайааччы Клара Дегтярева, уус-уран салайааччы Л.И. Платонова, Таатта Ытык Күөлүттэн «Үгэһи утумнааччылар» Р.С.Маркова салайааччылаах «Удьурҕай Таатта» этно-бөлөх, Хаҥалас Булгунньахтааҕыттан «Кэскиллээх толорооччулар» Лия Валерьевна, Ньургун Тимофеевич, Күннэй, Дьулуур, Ньургуһун, Ньургууна Давыдовтар дьиэ кэргэттэрэ анал аат хаһаайыннарынан ааттаннылар.
Оттон Дьокуускайдааҕы үһүс Көлүөнэ оскуолатыттан Р.Е. Львова салайааччылаах «Дьээ-дуо!» фольклорнай бөлөх «Түөлбэ үгэһин үйэтитээччилэр» анал аакка тигистилэр.
Ити курдук, быйылгы номнуо 13-с төгүлүн ыытыллыбыт олоҥхоһуттар күөн күрэстэрэ олус сэргэхтик, тэтимнээхтик ааста. Бу бырайыагы саҕалаабыт, төрүттэспит Н.С.Толбонова, Б.Н.Михайлов сыл аайы тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар алгыстарын аныыр, сүбэлэрин-соргуларын тиэрдэр ытыктанар дьон быйыл кыттааччы ахсаана элбээбитин, олоҥхону толоруу маастарыстыбата кэҥээбитин бэлиэтээтилэр.
Екатерина Бястинова
Читайте нас в: