Хайдах олороҕут, хайҕаллаах хатастар?

САХА СИРЭ. КУЛУН ТУТАР 30 КҮНЭ —  ULUS.MEDIA. Ханна даҕаны көлүөнэ ситимин ситиитин ыһыктыбакка кэлэр көлүөнэҕэ кэһии гынан төрүт дьоммут үтүө үгэстэрин хаалларыан баҕалаахтар, күндү бэтэрээннэр буолаллар. Хатастааҕы “Тускул” культура киинин иһинэн уонна олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн үлэлиир бэтэрээннэр Сэбиэтэ аҕам саастаахтары кытта үлэтэ олус киэҥ хайысхалаах — иис-күүс, уус, үҥкүү, ырыа-тойук, түмэл үлэтэ, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, үйэтитии үлэтэ, төрүт ас, норуодунай театр уо.д.а.

Саамай уһун үйэлээх түмсүүбүт 1986 сыллаахтан быйыл 37-с сылын үлэлиир “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптара буолар. Сааһырыы бэрээдэгинэн түмсэр-көрсөр түгэннэрэ аҕыйаатар даҕаны, билигин даҕаны олоххо интэриэстэрин, үтүөҕэ-сырдыкка тардыһыыларын ыһыктыбаттарынан холобурга сылдьар дьоммут кинилэр. 94 саастаах Аркадий Михайлович Уваровскай күн аайы сарсыарда туран, салгыҥҥа хаалыктаах хаамар, дьиэтин-уотун бэйэтэ көрөн-истэн, аһын астанан, оҕуруотун аһын бэйэтэ олордон, көрөн-истэн, үүннэрэн, үгүс дьоҥҥо холобурга сылдьар.

Биир улахан кэлэктииппитинэн “Айхал” үҥкүү түмсүүтэ буолар. Салайааччы Татьяна Григорьевна Жиркова ансаамбыл сайдар-үүнэр аартыктарын арыйсан, анал үөрэхтээх хореографтары кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлэһэн, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тиийэ Хатаспытын ааттаталлар. Ансаамбыл кыттыылаахтара 50-75 саастаахтар, бары минньигэс сиэн эһэлэрэ, эбэлэрэ. “Айхаллар” аҥардас үҥкүүнэн эрэ үлүһүйбэттэр, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар.

Оттон ырыа ылбаҕай ыллыгынан айанныыр “Сайдам” ансаамбыл 17 сылын айар-тутар. Кэлиҥҥи сылларга үҥкүү эйгэтигэр киирэннэр хас да үҥкүүлээхтэр, хоһоон ааҕыытыгар киирсэннэр “Хобо чуораан” ааҕааччылар күрэхтэригэр кэккэ сылларга кыттан ситиһиилээхтэр. Быйыл тэриллибит “Чэлгийэ” түмсүү – (салайааччы Маргарита Серкановна Индеева) далбардара дэгиттэр талааннаах, хоһуун дьон — сүрүн хайысхаларын тобула, көрдүү сылдьаллар. “Бары уруһуйдуубут” бырайыакка нэһилиэнньэ бары көлүөнэтэ дьарыктанар, үөрэнэр. Бу түмсүүттэн икки киһибит –Татьяна Дмитриевна Попова, Владимир Захарович Ефремов Россия худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэттэрэ буолбуттарынан киэн туттабыт.

“Утум иис” түмсүү кэҥээн-тэнийэн “Норуот уус уран оҥоһуктарын дьиэтэ” аһылларыгар төрүөт буолбута. Дьэ манна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Б.Ф. Неустроев – Мандар Уус норуот сатабыла диэн өйдөбүлү быһаарарыгар кыылтан – сүөлтэн атыммыт, уратыбыт, иэдьэгэй мэйиибит эргитиитэ уонна уон бабыа тарбахтарбыт имигэс хамсаныылара эбит диэн суруйара олус таба көрбүт диэн сөҕөҕүн эрэ. Тарбаҕын имигэс сатабыллаах буоллаҕына, өйүҥ – санааҥ да тобуллаҕас буолуохтаах. Дьэ бу өйдөбүлү таба туппут үтүөкэн дьонноох буоламмыт кэми-кэрдиини билиммэт саха омук сатабыла доргуччу ааттанар суолун тобулбут икки СӨ норуотун маастара –Людмила Степановна Саввина, Андрей Лукич Малышев, үс СӨ уус уран оҥоһуктарын маастара –Мария Сергеевна Дегтярева, Анна Петровна Пестерева, эдэр кэскиллээх тимир ууһа Алексей Алексеевич Апросимов диэн киэн туттар дьонноохпут.

Быйыл 25-с сылын үлэлии сылдьар норуодунай театр сүрүн артыыстара Иван Жирков, Владимир Петров, Андрей Малышев, Наталья Нохсорова, Эдуард Саввинов, Мария Христофорова театр баарын тухары бааллар, билигин даҕаны инникигэ, кэлэргэ былааннара үгүс. М.И.Харлампьева аатынан “Төрүт ас” түмсүү оскуола оҕолорун кытта ыкса ылсан үлэлиир, эдэр ийэлэри кытта алтыһар, анал биэриилэргэ уһулуннулар, дьарыктары ыыталлар. Ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыттан, И.И.Захаров саҕаттан сандаархай санаанан саҕыллан өркөн өйү сытыылыыр саахымат-дуобат кулууба тохтолу билбэккэ күн бүгүҥҥүгэ диэри үлэлиир-хамсыыр, өйү-санааны сааһылыыр. Билигин бу кулуубу Руслан Иннокентьевич Жирков салайар, дьаһайар. Ханнык баҕарар омук ордук уйан баайа – кини төрүт тыла. Василий Протодьяконов ону бэрт үчүгэйдик маннык диэн турар:

Омук күүһэ – өйүгэр,
Өйүн күүһэ – тылыгар.

Олох араас эриирин, эргиирин сайдыы кэскилин туһугар туруулаһыыга биһиги өбүгэ дьоммут кэм-кэрдии тэтимигэр киирэн, ол кэм тыынын ылынан, олохторун-дьаһахтарын сааһыланан-наарданан, сатабыллаахтык дьаһанан, удьуор утумун тутан, дьоҕуру тобулан, сатабылы сайыннаран, талааннары арыйан киэҥ аартыгы аһар.

2022 сыл сэтинньи ыйга СӨ саха тылын уонна литературатын, култууратын учууталларын 2 сийиэһэ буолбута. Онно бэлиэтэнэр тиэмэлэриттэн сылыктаатахха, кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылбытыгар баар көстүүнэн да сыаналаатахха, төрөөбүт төрүт тылбыт дьылҕатыгар саҥа кэрдиис кэм үктэлигэр тахсарга ыйар-кэрдэр, түмэр докумуоннар тахсыахтара уонна саамай сүрүнэ ол кумааҕыга киирбит олуктар олоххо киирэллэригэр эрэлбит улахан. Бу хайысхаҕа анаммыт, туһуламмыт үлэҕэ сыһыаран, бэйэбит нэһилиэкпит айар-тутар, суруйар дьонун кытта сибээспитин, ситиммитин тиһигин быспакка үлэлиибит. В.И.Иванова-Сайнаара кинигэтэ тахсыбыта, О.П.Гаврильева-Айсаана айымньытынан киинэ уһуллубута, “Аныгы кэм тоҕолоро” диэн бырайыагынан Саргылана Григорьева, Наталья Руфова, Айсаана-О.П.Гаврильева кэпсээннэрин “Тэтим” радиоҕа норуодунай театр артыыстара ааҕан өрөспүүбүлүкэ дьонун сэҥээриитин ылбыттара.

Бэтэрээннэр тутуһар биир сүрүн хайысхалара — дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ-үөрэтиигэ туһуламмыт үлэ буолар. Манна ордук таһаарыылаахтык үйэтитии боппуруостарыгар улахан хамсааһын баар. Ол курдук, Хатаһы Хатас дэппит аар-саарга аатырдыбыт үтүөкэн үлэһит дьоммут туһунан– Иван Михайлович Жирков, Розалия Иннокентьевна Решетникова, оҕуруот үлэһиттэрин туһунан икки кинигэ, култуураҕа бэлиэ суоллаах-иистээх үлэлээх Анна Титовна Семенова айар үлэтин арыйар, Герой ийэ Клавдия Егоровна Пермякова дьиэ кэргэнин, Дмитрий Иннокентьевич, Филипп Иннокентьевич Охлопковтар, Хатас олохтоох дьаһалтатын П.А.Баишев салайарын саҕана буолбут үлэлэри сэһэргиир уо.д.а. туһунан истиҥ иһирэх тыллардаах, астык ахтыылардаах кинигэлэр таҕыстылар.

Хатас бастыҥ дьонун ааттарынан ааттаммыт уулуссаларга аныгы технологияны туттан информационнай, интерактивнай (саҥарар, көрдөрөр) табличкалар оҥоһулуннулар, анал маршрут оҥоһуллан экскурсиялар ыытылыннылар. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ буоларын туоһута буолан ытыктыыр, убаастыыр Парасковья Павловна Федорова боруонсаттан бүүһэ Хабаровскайга оҥоһуллан кэлэн түмэлбит тэлгэһитигэр турда. Дьиэ кэргэн хамсаабат акылааттаах буоллаҕына судаарыстыба тирэҕирэр күүһүрэр диэни өйөөн үбүлүөйдээх дьиэ кэргэттэри чиэстээһин биһиэхэ сыл аайы ыытыллар. 2022 биир дьиэ кэргэммит Анна Ионовна, Иван Васильевич Копыриннар өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолбуттара, Анна Петровна, Павел Петрович Пестеревтар Дьокуускай куоракка бастаабыттара. Хатаспыт историятын дириҥник хорутан үөрэтэргэ туһуламмыт анал хамыыһыйаҕа бэтэрээннэр эмиэ бэркэ ылсан үтүө суобастаахтык үлэлэһэ сылдьаллара киһини эрэ барытын үөрдэр. Манна Клара Васильевна Калачева, Татьяна Александровна Павлова, Руслан Иннокентьевич Жирков, Петр Анатольевич Баишев үгүс үлэни оҥордулар.

Дьэ ити курдук Хатас бэтэрээннэрэ олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан инникигэ эрэллээх, көлүөнэ ситимин тутан олороллор.

Наталья Руфова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ