Роман Десяткин: «Килиимэт сылыйыыта ирбэт тоҥноох сиргэ хорутуллубут бааһыналарга ордук күүскэ дьайар»

Хаартыскаҕа Чурапчы сэлиэнньэтэ

Хаартыскаҕа Чурапчы сэлиэнньэтэ

САХА СИРЭ. Кулун тутар 21 күнэ — ULUS.MEDIA. Ирбэт тоҥ уонна тыа хаһаайыстыбата. Кэлиҥҥи кэмҥэ халлааммыт аһара итийэрэ, ирбэт тоҥмут ирэрэ сүөһү-сылгы ииттэн, аһаан-таҥнан олорор сирбитигэр-уоппутугар хайдах сабыдыаллыырый? Бу туһунан биология билимин дуоктара, Ирбэт тоҥ биологическай проблемаларын институтун сүрүн научнай үлэһитэ, кырыс буору чинчийиигэ уһулуччулаах үлэтин иһин Арассыыйатааҕы билим академиятын В.В. Докучаев аатынан кыһыл көмүс мэтээлин лауреата Роман Десяткин санаатын маннык үллэстэр:

– Килиимэт тосту уларыйыыта киһи аймах олоҕор-дьаһаҕар олус улаханнык сабыдыаллыыр, ол туох-ханнык иннинэ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга биллэр, – диир Роман Васильевич. – Э. Шуура уонна М. Мак ырытыыларынан сирдэттэххэ, Аартыка эҥээрэ уонна ону тула тэллэх баттаһа сытар ирбэт тоҥноох сир бүтүннүү кэлиҥҥи уон сылга урут хаһан даҕаны буолбатах килиимэт уларыйыытын көрүстүлэр. Ол курдук, температура үрдээһинэ хотугу кэтирээһиҥҥэ сытар оройуоннарга Сир үрдүгэр баар түбэлэртэн барыларыттан 2,5 төгүл түргэнник барар. Бу көстүү агроном идэлээхтэр болҕомтолорун тардар, кинилэр хотугу эргимтэҕэ киирэр эрэгийиэннэргэ сир үлэтин бигэ туруктаах оҥорорго саҥа суолу-ииһи көрдүүллэр.

Тымныы эрэгийиэннэргэ сири оҥорууну сайыннарыыга туһуламмыт сорох сүүрээннэр инникигэ эрэли саҕаллар. Холобур, 2012 – 2017 сс. Аляскаҕа пиэримэ ахсаана 30 бырыһыаҥҥа тиийэ эбиллибит. Ол эрээри, Хоту түбэҕэ таҥастаныллыбыт, хорутуллубут сир барыта биир күдьүс туһаныллар буолбатах. Арассыыйа хотугу эрэгийиэннэригэр үгүстэригэр ыһыы иэнин биллэрдик сарбыйдылар. Ол намтааһын араас төрүөттээх. Мин Николай Филипповтыын, Алексей Десяткинныын, Дмитрий Конюшковтуун, Сергей Горячкинныын кыттыһан оҥорбут үлэбитигэр (“Саха сирин киин эҥээригэр хорутуллубут кырыс буор алдьаныыта: сылыйыы ирбэт тоҥноох сиргэ мөкү сабыдыала” диэн ааттаах. – В. Н.) өрөспүүбүлүкэбит киин улуустарыгар ирбэт тоҥҥо килиимэт сылыйыытын түмүгэр буолар айылҕа дьайыылара хайдах  сабыдыаллыылларын үөрэтэн-чинчийэн көрдүбүт.

Нуучча судаарыстыбата 1640-с сыллар саҥаларыгар Сибиир киэҥ сирин-уотун баһылаабыта. XVII үйэ иккис аҥаарыгар, Орто Өлүөнэ сирин холбооһун кэнниттэн тыйыс усулуобуйаҕа сири таҥастааһын саҕаламмыта. Туораахтаах култуура – сэлиэһинэй, оруос, эбиэс эрдэ ситэр суортарын ыһаллара. Дьылыттан тутулуктанан, төһө даҕаны бигэ үүнүүнү хомуйбаталлар, хорутар сирдэрин иэнин сылтан сыл кэҥэтэн испиттэрэ. Сэбиэскэй судаарыстыба үрэллэр кэмигэр бааһына иэнэ 140 тыһ. тахса гектарга тиийбитэ. Ол кэнниттэн сопхуостар эстибиттэрэ. Онтон ыла Өлүөнэ орто сүүрүгүн тардыытыгар бааһына иэнэ биллэрдик кыараабыта. Билигин сыллата таҥастанан, ыһыы үлэтэ ыытыллар сирэ 40 тыһ. гектары кыайбат. Быраҕыллыбыт бааһыналар кырыс буордара килиимэт тосту уларыйар быһыытыгар-майгытыгар тоҕооһуннаран, күүстээх дьайыыга түбэстилэр.

Кырыс буор анныгар муус дьапталҕата баар буоллаҕына, сайын аайы ирэр уу дириҥээн, сир аннынааҕы муус ирэригэр тириэрдэр. Онуоха эрдэ ирбэт тоҥҥо иҥэн сыппыт сиик эрэ көтөр буолбатах, сыл ахсын ирэн иһэр муус үрдүгэр дириҥ омуһахтар, быллаардар үөскүүллэр. Маннык дьайыылары Аляскаҕа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар ирбэт тоҥноох сирдэргэ эмиэ үчүгэйдик билэллэр. Алдьаныы муус хаһааһа бүтүөр диэри салҕанан барар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сирэ бүтүннүү ирбэт тоҥҥо сытар. Кырыс буор үрүт араҥата уларыйыыта Саха сирин киин өттүгэр ордук чуолаан Өлүөнэ – Амма тардыыларыгар итиэннэ, онтон кыратык, Өлүөнэ хаҥас кытылыгар сытар Табаҕа сиригэр бэлиэтэнэр. 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥ тэрилтэлэрэ ыһыллыбыттарын түмүгэр ирбэт тоҥҥо ойууру солоон оҥоһуллубут тыһыынчанан гектардаах бааһыналар быраҕылыннылар. Сылыйыы тыа хаһаайыстыбатын эргиириттэн таһаарыллыбыт киэҥ иэннээх сирдэр кырыс буордара алдьанарыгар тириэрдэр.

Түмүккэ, Чурапчы сэлиэнньэтиттэн чугас сытар быраҕыллыбыт бааһынаҕа уонна Табаҕа учаастагар ыытыллыбыт чинчийиилэргэ олоҕуран эттэххэ, олус тымныы килиимэттээх эрэгийиэҥҥэ тосту сылыйыыттан сир аннынааҕы муус ирэн, урут хорутуллубут сирдэр аҥаардастыы алдьаналларыгар тириэрдибит. Килиимэт сылыйбытыттан сиэттэрэн тымныы оройуоннарга сир үлэтинэн дьарыктанарга тоҕоостоох буолла дии саныыр исписэлиистэр чуолкайдык сабаҕалыыр туһуттан бу уопуту билэллэригэр баҕарабын. Ол гынан баран, атын тымныы эрэгийиэннэргэ даҕаны ирбэт тоҥ муус дьапталҕатын тас өттүгэр сытар оройуоннарга быһыы-майгы оннооҕор ордук буолуон сөп.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ