Ян Новиков: «Дьиэҕит-уоккут сылаас буоллун!»

Кулун тутар 19 күнэ ‒ Арассыыйаҕа нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар уонна олорор дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбаларын үлэһиттэрин күнэ.

Биһиэхэ, томороон тымныылаах уһун кыһыннаах тыйыс айылҕалаах дойдуга олорор дьоҥҥо, үлэлиир дьиэбит-уоппут сылаас буолара тыын суолталааҕа мэлдьэх буолбатах. Бэрт аҕыйах сыллааҕыта этэ дии ‒ тыа сирин үгүс нэһилиэктэригэр чоҕунан оттуллар киин хочуолу-найдартан ититиллэр бары социальнай эбийиэк-тэр, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр олус тымныылара. Билигин үгүстэргэ ‒ чыҥха атын хартыына. Ол аҥаардас нэһилиэнньэлээх пууннарга гаас ситимэ тардыллыытыттан буолбатах. Гаас тиийбэтэх да сирдэригэр чоҕунан оттуллар хочуолунайдарга аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир улахан кыамталаах оһохтор туруорулланнар, ититиинэн хааччыллыы биллэ тубуста. Ититиигэ киин хочуолунайдартан улахан эбийиэктэри сэргэ биирдиилээн чааһынай дьиэлэр кытары холбонор кыахтаннылар.

Ити чуолаан илин эҥэр улуустар нэһилиэктэригэр хайдах ситиһилиннэ? Онуоха эппиэт биир ‒ «Армон» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба көмөтүнэн. Тэрилтэ салайааччыларыттан биирдэстэринэн, кини дириэктэринэн биһиги биир дойдулаахпыт, оройуон Сэбиэтин дьокутаата Ян Новиков буолар.

Кини 1991 сыллаахха Төхтүр орто оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуола кэннэ биир сыл киин хочуолунайга хачыгаарынан үлэлээн баран Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын мэхэньиссээссийэлээһин уонна электрификациялааһын техникумугар үс сыл үөрэнэн тиэхиньик-ититии тиэхиньигин идэтин ылбыта. Оччолорго ити идэҕэ үөрэтии салаата саҥа аһыллыбыт кэмэ этэ. 1995 сыллаахха дойдутугар Төхтүргэ төннөн кэлэн дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын учаастагар ититии тиэхиньигин инженерин көмөлөһөөччүтүнэн, салгыы Дьокуускайга киирэн 8 №-дээх олорор дьиэни туһаныы учаастагар (ЖЭУ) сэттэ сыл силиэсэринэн, сантехнигинэн үлэлээбит. 2006 сыллаахха СГУ инженернэй-тэхиньиичэскэй факультетын бүтэрэн инженер идэтин баһылыыр. «Лена» административнай дьиэлэри туһаныыга уонна көрүүгэ-истиигэ судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ алта сыл ититии инженеринэн үлэлээн баран 2013 сыллааха Майаҕа «Протек» тэрилтэ тэриммит. 2014 сылла-ахтан «Армон» ХЭУо дириэктэринэн үлэтин саҕалаан Новосибирскай уобалас Бердскэй куоратыгар «Терморобот» диэн автоматиканан салаллар чоҕунан оттуллар модульнай хочуолунайы оҥорор собуоттан атыылаһан Лоомтукаҕа аҕалбыта. Бастаан социальнай-култуурунай информационнай киин, кэлин оскуола, оҕо саада, амбулатория эбии холбоммуттара.

Мантан салгыы Ян Аркадьевиһы кытары кылгас кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.

‒ Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан маннык хочуоллары эһиги чааһынай тэрилтэҕит аҕалан туруорда. хаһан баҕарар олоххо туох эмэ саҥаны киллэрии улахан эппиэтинэһи эрэйэр. Бу хочуоллар уратылара туохханый?

‒ Биллэн турар, «Терморобот» собуоттан хочуоллары аҕалан таҥан туһаныахпыт иннинэ бастаан Кангаласстан олохтоох чохпутун собуот лабораториятыгар ыытан хаачыстыбатынан сөп түбэһэрин быһаартарбыппыт. Ол эрэ кэннэ эксперимент быһыытынан Лоомтукаҕа аҕалан туруорбуппут. Бары этэҥҥэ үлэлии тураллар. Хочуоллар бэйэлэрин экэнэмиичэскэй да, туһаныллар да өртүлэриттэн үчүгэй өрүттэрин эрэ көрдөрдүлэр. Итини сэргэ экологияҕа тулалыыр эйгэни киртитиини таһаарбаттарын уонна туһаныылара судургутунан куттала суохтарын эбии бэлиэтиибит. Хочуолларга таас чох 100 бырыһыан толору умайар, онон турбаттан маҥан буруо тахсар. Оттук сыанатыгар эмиэ лаппа барыстаах, убаҕас оттуктан уонна уотунан ититииттэн 4 ‒ 6 төгүл кыра, илии үлэтэ олох аччатылынна. Кыра хочуолунайдарга биир киһи эрэ үлэлиир. Тымныы кэмҥэ хочуолларга чоҕу биирдэ бырахтахха, үс-түөрт күн устата нуормаҕа эппиэттэһэр температура эрэсиимин тутан ититиинэн хааччыйар. Бу модульнай хочуолунайдар, хочуоллар бары Арассыыйаҕа Бердскэйгэ оҥоһуллаллар. Онон арҕаа дойдулар дойдубутугар биллэрэр ханнык да сааҥсыйаларыттан оҕустарыы суох.

‒ Бастакы модульнай хочуолунай турбута хайыы-үйэ тоҕус сыла буолбут. бүгүҥҥү күҥҥэ маннык хочуолунайдары, хочуоллары ханна туруордугут?

‒ 2014 сылтан саҕалаан 17 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдибит. Барыта 12 социальнай эбийиэги итиэннэ 439 чааһынай олорор дьиэни холбоон көрөбүт-истэбит.

Мэҥэ Хаҥаласка сэттэ нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ‒ Лоомтукаҕа, Дойдуга, Төхтүргэ, Хаатылымаҕа, Томторго, Хорообукка, Чыамайыкыга, Уус Алдаҥҥа Бэйдиҥэҕэ уонна Бороҕоҥҥо. 2016 сылтан хочуолунай-дарга олорор дьиэ пуондатын холбооһуну саҕалаабыппыт. Томтору ититиинэн 100 бырыһыан хааччыйдыбыт.

Бастаан аҕалбыт модульнай хочуолунайбыт оһохторо кыамтата 150 кВт буоллаҕына, билигин 800 кВт тиийэ улахан хочуоллары туруорабыт.

Бу хочуолунайдар аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттэһэр буоланнар, дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар киинтэн ититиигэ туһаныллыбыт урукку хочуоллары уларытыыга бары өртүнэн табыгастааҕынан, барыстааҕынан тоҕоостоохтор. Хаачыстыбалара да эппиэттэһэр.

‒ Хас үлэһиттээххитий?

‒ Билигин 100-кэ киһи үлэлиир. Олор истэригэр Лоомтука, Хаатылыма учаастактарын начаалынньыгынан үлэлиир Михаил Бродников курдук тэрилтэбитигэр хара маҥнайгыттан үлэлии сылдьар улахан уопуттаах үлэһиттэрдээхпит. Кини үлэтин бастаан Лоомтукаҕа операторынан саҕалаабыта.

‒ Инникитин туох былааннааххытый?

‒ Биһиги тэрилтэбит инники үлэтэ-хамнаһа аныгы хочуолунайдары гаас ситимэ тиийбэт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тутууну кытары быһаччы сибээстээх. Дьиҥэр, бу хочуоллар гааһынан оттукка эмиэ көһөрүллэн туһаныллар кыахтаахтар. Ол да буоллар, биһиги таас чоҕунан оттууга үлэбитин туһаайабыт. Тэрилтэбит өрөспүүбүлүкэҕэ «Терморобот» ХЭУо собуотун официальнай дилеринэн буолар. Ол быһыытынан Үөһээ Бүлүү, Нам, Таатта, Амма уонна Алдан улуустарын муниципальнай тэриллиилэрин уонна биирдиилээн чааһынай предпринимателлэри кытары дуогабардаһан 15 хочуолунайы аҕалтардыбыт. Быйыл Төхтүргэ аллараа дэриэбинэҕэ уонна Хорообукка хаалбыт биир кварталга чааһынай дьиэлэри холбооһуҥҥа үлэлэһэр соруктаахпыт. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев биллэрбит Үлэ сылыгар өссө дьаныһан туран саҕалаабыт дьыалабытын салгыыр итиэннэ нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар саҥа, сонун сүүрээннэри тобулар соруктаахпыт. Биһиги үлэбитигэр СӨ Дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ, Предпринимательствоҕа уонна туризмҥа министиэристибэлэрэ, кэккэ улуустар муниципальнай оройуоннара, нэһилиэктэр дьаһалталара күүс-көмө, өйөбүл буолалларыгар махтанабыт.

‒ Ян Аркадьевич, кэлэн иһэр идэлээх бырааһынньыккытынан тус бэйэҕин уонна тэрилтэҕит бары үлэһиттэрин эҕэрдэлиибит. тыа сиригэр олох хаачыстыбатын тупсарарга хомунаалынай хаһаайыстыба салаатыгар ыытар үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах буоларыгар, дьон-сэргэ махталын ыла тураргытыгар баҕарабыт.

‒ Махтанабын. Дьиэҕит-уоккут сылаас буоллун!

Алена Докторова

Газета «Эркээйи»

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ