Сүөһү-сылгы кыстыгар кырыымчык аһылыктаах улуустарга былааннаммыт от 83 бырыһыана тиэйилиннэ

"Мүрү саһарҕата" хаартыската

«Мүрү саһарҕата» хаартыската

САХА СИРЭ. Кулун тутар 17 күнэ — ULUS.MEDIA. Улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалталарыттан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр киирбит сайабылыанньаларга олоҕуран, быйылгы кыстыкка 50 412 туонна оту тиэйии-таһыы үлэтэ ыытыллар. Кулун тутар 16 күнүнээҕи туругунан, ити кээмэйтэн 42 012 туонната (83 бырыһыана) кыһалҕалаахтарга тиэрдиллибит.

Тиэйиллэр оттон 18 674 туоннатын сайаапкалаах улуустар тас өттүлэриттэн, 5 763 туоннатын улуус иһигэр нэһилиэктэн нэһилиэккэ итиэннэ 25 976 туонна мобильнай биригээдэлэр ыраах баран бэлэмнээбит отторун таһаллар. Отчуоттанар кэмҥэ атын улуустартан 14 266, улуус иһигэр 4 189 уонна мобильнайдар киэннэрэ 23 558 туонналыы от тиэйиллибит.

Оту тиэйтэриигэ 18 улуус уонна Дьокуускай сайаапкалаахтар.Киин куорат хаһаайыстыбаларыгар атын сиртэн 463 туонна уонна мобильнай биригээдэлэр бэлэмнээбит 300 туонна отторо тиэйиллэрэ былааннаммыта барыта туолла. Аммаҕа (99%), Куорунайга (97%), Бүлүүгэ (96%) тиэйии үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Саамай элбэҕи, 16 054 туоннаны, ол иһигэр 10 349 туонна мобильнайдарын киэнин, таһыахтаах Чурапчы улууһа 86 бырыһыанын таһынна.

Хотугу улуустартан Үөһээ Дьааҥы 930 туонна оту киин улуустартан тиэниэхтээҕиттэн 830 туоннатын оннун булларда. Өссө биир улахан кыһарҕаҥҥа ылларбыт Кэбээйи улууһа тастан 1 735 туонна оту таһан, былааннаммыт кээмэйтэн 54 эрэ бырыһыанын ситиһэн иһэр. Ити улууска атын улуустартан барыта 2 827, улуус иһигэр 399 туонна от тиэйиллиэхтээх. Өлөөҥҥө 142 туоннаттан 84-дэ (59%), Эбээн Бытантайга 134 туоннаттан 58-һа (43%) тиксэрилиннэ.

Үөһээ Дьааҥыга оту тиэйии. Хаартыска: sakhaparliament.ru

Оту тэҥэ айылҕа содулуттан ордук обургутук эмсэҕэлээбит 8 улууска сүөһү-сылгы кыстыгын этэҥҥэ туоруулларын хааччыйар туһуттан эбии аһылыгы атыылаһыыга уонна тиэйиигэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көмө оҥоһуллар. Былааннаммыт кээмэйтэн (4 918 туонна) ыйыллар кэмҥэ 4 142 туонна эбии аһылык аналлаах сиригэр тиксэриллибит. Ол курдук, Бүлүүгэ 1 500,28, Чурапчыга 1 331, Кэбээйигэ 488,74, Куорунайга 377,08, Өлүөхүмэҕэ 209,96, Үөһээ Дьааҥыга 191,30, Өлөөҥҥө 37, Эбээн Бытантайга 7,6 туонналыы уотурба, бытарытыллыбыт от, эбиэс тиийэн, кыһалҕалаахтарга түҥэтилиннэ.

Эбии аһылыгынан хааччыйыыга оператор тэрилтэ “Якутопторг” АУо салалтата иһитиннэрэринэн, хаалбыт 668 туонна Аллараа Бэстээххэ тимир суолунан айаннаан иһэр.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ