ОДьКХ эйгэтигэр 200-тэн тахса сыл ыстаастаах Красильниковтар үлэһит династиялара салҕанар

САХА СИРЭ. Кулун тутар 17 күнэ — ULUS.MEDIA. Быйыл кулун тутар 19 күнүгэр нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥорор уонна ОДьКХ эйгэ үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэниэ. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр Үлэ сылыгар сөп түбэһиннэрэн, Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба эйгэтигэр үлэлээн дьоһун кылааттарын киллэрсибит үтүө үлэһит дьиэ кэргэни – Красильниковтар династияларын билиһиннэрэбит.

Ол курдук, бу династияны төрүттээччи Иннокентий Васильевич Красильников 1960 с. “ЯкутскКоммунЭнерго” тэрилтэтигэр аан бастаан болуотунньук быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Салгыы бу тэрилтэҕэ хачыгаардаабыта. Кини туйаҕын хатаран, бу эйгэҕэ кини уолаттара, кыыһа, күтүөттэрэ, кийииттэрэ, сиэннэрэ үлэлээн, дьиэ кэргэн династията күн бүгүҥҥэ диэри чиэстээхтик салҕанар.

Красильниковтар – улахан дьиэ кэргэн. Ийэлэрэ Зинаида Ивановна, Герой ийэ, быйыл саас ыам ыйыгар 90 сааһын дьоһуннаахтык бэлиэтиэҕэ. Кини кэргэниниин Иннокентий Васильевичтыын 11 оҕону төрөтөн, утумнарын салгыыр элбэх сиэннээх, хос сиэннээх Чурапчы улууһун ытык-мааны кырдьаҕаһа. Зинаида Ивановна кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, оҕолорун иитэн-улаатыннаран, атахтарыгар туруорбута. Красильниковтар 5 уолларыттан 4-дэ ОДьКХ тэрилтэтин кытта үлэлэрин устуоруйата ситимнэнэр. Ол курдук, улахан уол Василий Чурапчытааҕы ОДьКХ тэрилтэтигэр 23 сыл суоппардаабыта. Оттон иккис уол Николай “Якутсккоммунэнерго” уонна ОДьКХ Чурапчытааҕы филиалларыгар суоппарынан, тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. Оттон Валерий диэн уоллара Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка хачыгаарынан, саамай кыра уол Данил Чурапчытааҕы филиалга токарынан, АРДС-ка силиэсэринэн үлэлээбиттэр.

Оттон кыыстара Елизавета Иннокентьевна Дохунаева ОДьКХ Чурапчытааҕы филиалыгар сэкирэтээринэн, медигинэн эмиэ ситиһиилээхтик үлэлээн, Красильниковтар династияларын ыстааһын күн бүгүн хаҥатыһар.

Аны бу дьоһун олохтоох дьиэ кэргэҥҥэ убайдарын кэриэтэ чугастык саныыр саамай улахан күтүөттэрэ Егор Саввин бу эйгэҕэ 34 сыл ыстаастаах. Кини бастаан маастарынан, силиэсэринэн үлэлээн, инженергэ, начаалынньыкка, филиал дириэктэригэр тиийэ үүммүтэ. Өр сыллаах ситиһиилээх үлэтэ сыаналанан, РФ ОДьКХ Бочуоттаах үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайынынан буолбута.

Егор Иванович туйаҕын хатаран, 4 уола идэлэрин эмиэ ОДьКХ эйгэтин кытта ситимнээбиттэр. Ол курдук улахан уола Александр Чурапчытааҕы тэрилтэҕэ 20 сыл силиэсэринэн, операторынан үлэлээн ааспыта. Оттон Евгений Чурапчытааҕы АРДС-ка ОДьКХ филиалыгар силиэсэринэн, сантехнигинэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар хачыгаарынанүлэлээбит. Бэйэтин аатынан уола Егор Абыйга кылаабынай инженеринэн үлэлээн баран, билигин тэрилтэ дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар.

Итини тэҥэ хас да сиэн үлэһит династияны чиэстээхтик салгыыллар. Кинилэртэн биир сиэни холобурдаатахха, эһэтин толору аатын ылбыт Иннокентий Красильников Чурапчытааҕы ОДьКХ-ҕа бастаан операторынан, инженеринэн үлэлээн баран, билигин Чурапчытааҕы техническэй кэллиэскэ преподавателинэн ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини онно ыччаты силиэсэр, оператор идэтигэр үөрэтэр.

ОДьКХ эйгэтигэр 180 сыл ыстаастаах Красильниковтар династиялара 2021 сыллаахха “Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ үлэһит династията” Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ. Ол кэмтэн номнуо икки сыл ааста. “Бу сыллар усталара ыстааспыт өссө эбиллэн, 200-тэн таҕыстаҕа. Ити ахтыллыбыт бииргэ төрөөбүттэр, сиэннэр, кийииттэр уонна күтүөттэр бары кэриэтэ күн бүгүн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Өссө эдэрдэр эбиллэн биэрдэхтэрэ,” –диэн күтүөттэрэ Егор Иванович бу суруйуубун эбии ситэрэн биэрдэ.

Анна Захарова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Отдых Обо всём Мир Культ