САХА СИРЭ. Кулун тутар 14 күнэ — ULUS.MEDIA. Ханнык баҕарар улууска, ханнык баҕарар тэрилтэҕэ тиийдэххэ тумус туттар туруу үлэһит, үлэҕэ бэриниилээх, сэдэх идэлээх, дьикти талааннаах, киэн туттан кэпсиир ытык-мааны дьонноох-сэргэлээх буолаллар. Биһиги талыы-талба тапталлаах Тааттабыт сиригэр уутуйан олорон, бииһээбит-ууһаабыт удьуор үлэһит, үлэни эрэ өрө туппут ыаллартан биирдэстэринэн аҕыс оҕолоох Мотуруона уонна Бүөтүр Харытыанаптар буолаллар. Бүгүн биһиги бу Харытыанаптар ураты суолларын-иистэрин арыйыахпыт, сэгэтэн көрүөхпүт.
1965 сыллаахха чороччу улаатан эрэр аҕыс оҕолоох Муоча, Бүөтүр Харытыанаптар Туора Күөлтэн Ытык Күөлгэ көһөн киирэллэр. Ыал ийэтэ туох да үлэттэн толлубат, күүстээх санаалаах Муоча сүрдээх хорсун быһаарыныыны ылынан, райпоҕа дьахтар киһиэхэ сөбө суох да буоллар, хачыгаарынан үлэҕэ киирэр. Үлэ көсүбүтүгэр үөрүү, аҕыс оҕону атахтарыгар туруоруохха наада уонна уолаттарын көмөлөрүгэр эрэнэр. Бүөтүрэ барахсан икки хараҕынан көрбөт. Ол да буоллар үлэлии үөрэммит, үлэттэн илиитин араарбатах Бүөтүр ыалларга булуус хаһыытынан дьарыктанара.
Киэһээтин уолаттар ийэлэрэ үлэлиир сиригэр тиийэн, соһуунан киирбит инчэҕэй маһы илиинэн оттуллар хочуолунай оһоҕор хайытан бэлэмнээн, аҕалара хаспыт булууһун муннуктарын көннөртөөн, тэҥнээн биэрэллэрэ. Уолаттар ити курдук мэниктии-тэниктии сылдьыбакка, үлэҕэ бэриниилээх, туохтан да иҥнэн-толлон турбат күүстээх санаалаах ийэлээх-аҕалара олоххо тардыһыыларын күүһүн көрөн, үлэ үөрүйэхтэригэр сыстан улааппыттара.
Ити курдук коммунальнай хаһаайыстыба салаатыгар уһуннук үлэлээбит күн бүгүн кэпсиир удьуор үлэһит Харитоновтарбыт династиялара 1965 сылтан ыал ийэтиттэн, эбээтиттэн, хачыгаар Мотрена Афанасьевна Харитоноваттан саҕаламмыта. Мотрена бэйэтин уола Гаврил Коркин ОДьКХ салаатыгар 21 сыл устата механигынан үтүө суобастаахтык, уһуннук үлэлээбитэ.
Ыал улахан уола Роман Петрович Харитонов үөрэнэн, армияҕа сулууспалаан ытык иэһин толорон кэлэн, кэргэн ылан баран, 1969 сылтан коммунальнай хаһаайыстыбаҕа тырахтарыыһынан үлэлии киирбитэ. Сарсыарда күн күөрэйэ ойуоҕуттан ыкса киэһэ буолуор диэри ДТ-54 тракторынан 6-7 км сиртэн оттук маһы илиилэринэн мас сыарҕаҕа “долгучуогунан” тиэйэн, 3-4-тэ кырынан, Ытык Күөл оскуолатын котельнайдарын, тэрилтэлэри оттук маһынан хааччыйаллара, коммунальнай хаһаайыстыба тутуутун маһын соһоллоро. 1973 с. Оччотооҕу салалта эдэр уолу Одьулууҥҥа суоппар үөрэҕэр үөрэттэрэн, салгыы ЗИЛ-131 массыына уруулун туттаран, эдэр киһи үөрүүтэ баһаам буолбута. Роман ол кэмнэрин туһунан: “ … Оо, дьэ ЗИЛ-131 барахсан эргэ “Крабоднойга”тэҥнээтэххэ сымсата, түргэнэ, кыаҕа, кабината сылааһа, киэҥэ-куоҥа үчүгэйэ сүрдээх. Олох бастакы мииниллибит эдэр айаас оҕус курдук сэп этэ”, — диэн астынан аҕай умнубакка кэпсиирэ. Үкүгэр таас чох таһара, мас тиэйэрэ, Покровскайтан кирпииччэ, Мохсоҕоллоохтон цемент, куораттан араас мал-сал таһара. ОДьКХ-ҕа үлэлии сылдьан, 1970 с. В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар үлэһит киһи үлэтэ сыаналанан, партия обкомун сэкирэтээрэ Г.Чиряев, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлэ А.Овчинникова, Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ илии баттааһыннаах Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмытынан олоҕун устатын тухары киэн туттара,саамай улахан ситиһиитинэн ааҕара.
1976, 1977 сс. “Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа”, 1985 с. 11-с пятилетка ударнига анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. Ону таһынан элбэх төгүл улуус, тэрилтэ грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Роман Петрович үс төгүл нэһилиэк Сэбиэтин депутатынан талылла сылдьыбыта даҕаны элбэҕи кэпсиир. Киһи киэнэ элэккэйэ, үгүс үтүө доҕоттордоох, общественнай үлэни өрө туппут туруу үлэһит этэ.
Роман Петрович түөрт оҕотуттан икки уола аҕаларын туйаҕын хатаран, ОДьКХ үлэһитэ буолбута. Аҕатын аатынан уол Роман 1998 сылтан бастаан суоппарынан, билигин 8-с №-дээх хочуолунайга слесарь-электригинэн үлэлиир. Кыра уол Мичил 2008 сылтан ОДьКХ-ҕа хачыгаардыыр, 2014 сылтан 8-с №-дээх хочуолунайга убаҕас оттук операторынан үлэлиир.
Харитоновтар иккис уоллара Николай Петрович Харитонов тыа пуунугар үлэлии сырыттаҕына, оччотооҕу салайааччы Максим Максимович Цой ыҥырыытынан, 1978 сылтан коммунальнай хаһаайыстыбаҕа үлэлии кэлбитэ. Үлэтин ГАЗ-53 массыынаҕасуоппарынан саҕалаабыта. Икки сыл кэнниттэн, автотранспортнай парка бастакы тэриллиитигэр, механигынан анаммыта. Ол сылларын туһунан үгүстүк ахтан аһарар ээ. Оччолорго саҥа техника кэлбэт, саппаас да чаас бэриллибэт. Начальниктара сотору-сотору списаниеҕа тахсыбыт, үгүс өрөмүөҥҥэ наадыйар техникалары аҕалтыыр. Арай биирдэ, тиһиликтээх трактор араамата, тэлиэгэтэ, кабината тиэллэн кэлбит. Кыыһырсыы буолбут. Онуоха Максим Максимович: “Коленька, “ДТ-75” модун трактор, дойду тыатын хаһаайыстыбатын уонна норуотун хаһаайыстыбатын өрө тардыбыта.
Онтон биһиги хаһаайыстыбабытын өрө тардаары тиийэн кэллэ. Кини миигин хомуйан, төһө баҕарар туһаныҥ диэн көрдөһөөхтүүр”, — диэбит. Ону ылынан, бэрт уһуннук чөлүгэр түһэрбиттэр. Өрөмүөн үлэтэ уустук усулуобуйаҕа ааспыт. Николай Петрович, саппаас чааһы булуу киниэхэ сүктэриллэринэн, үлэтин сүнньэ наар куоратынан-тыанан, тэрилтэлэринэн сылдьыы, барыы-кэлии, көрдөһүү-ааттаһыы буолбут. Сороҕор харчытыгар, сороҕор атастаһан, араас ньыманы туттан кэпсэтэн, киирэн-тахсан булара-талара. Сити курдук Николай Петрович салалтатынан дьоҕус коллектив биир киһи курдук санаатын ууран, күүһүн түмэн, балтараа сыл иһинэн ЗИЛ-131, ЗИЛ-157, ГАЗ-53 массыыналары, ДТ-75, МТЗ-82, МТЗ-52 трактордары, УАЗ-Н52 микроавтобуһу туһаҕатаһаарбыт. Ол түмүгэр 1984 сылтан хаһан да туолбат производственнай былааннар туолан, тэрилтэ былааннаах экономическэй көрдөрүүлэрэ тупсубутунан барбыт. Николай Петрович кэнники, 2003-2008 сылларга ОДьКХ пилораматын үлэлэппитэ.
Н.П.Харитонов уолаттара коммунальнай хаһаайыстыбаҕа, Александр 2005 сылтан 2012 сылга диэри тыраахтарыыһынан, Николай 2003-2008 сс., 2011-2012 сс. пилорамаҕа үлэлээбиттэрэ.
Үһүс уол Герасим Петрович 70-с сыллар бүтүүлэригэр М.М.Цой ыҥырыытынан хаһаайыстыбаннай чааска дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ. Онтон салгыы эдэр киһини таба көрөннөр 1980 с. Чурапчыга учаастак начаалынньыгынан анаабыттара. Онон үрдээн, атын оройуоҥҥа үлэлии барбыта.
Ыал төрдүс уола, СӨ ОДьКХ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ ОДьКХ ГУТ бэтэрээнэ, “Таатта улууһун ОДьКХ сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына Афанасий Петрович Харитонов 1988 сылтан Ытык Күөл 4-с №-дээх “Сандалы” хочуолунайыгар хачыгаарынан үлэтин саҕалаабыт. Оччотооҕу хочуолунайдар үлэлэрин бэйэҕит бэркэ билэн эрдэххит. Смена аайы прицептаах КАМАЗ массыына толору тиэммит таас чоҕун вагонеткаҕа илиинэн тиэйэн киллэрэн, хочуолларын оттоллор, биир оччо күлү, шлагы төттөрү баалынайга кутан, соһон таһаараллара. Хачыгаар үлэтэ – чахчы даҕаны бэйэтин кыанар, күүстээх-уохтаах, үлэҕэ эппиэтинэстээх эрэ дьон үлэлиир үлэлэрэ буолара саарбаҕа суох. Үлэни-хамнаһы кыайа туппут уолаттар оччотооҕу кэмҥэ үлэ дьонун күүстээх үлэҕэ көҕүлүүр социалистическай куоталаһыыларга куруутун кыайыылааҕынан тахсан, бириэмийэ, грамота бөҕөтө ылаллар эбит. 1998 сылтан сайдыы суолун тутуһан, котельнайдара убаҕас оттукка киллэриллэн хачыгаар буолан бүтэн, аны саҥа ааттанан оператордар диэн буолбуттара. Сити сылтан үлэҕэ мискиллибит, баһаам уопуттаах киһини таба көрөннөр маастар оҥорбуттара.
2000 с-н киин балыыһа 8 №-дээх хочоулунайыгар оператор маастарынан олоҕун бүтэһик күннэригэр тиийэ үлэлээбитэ. Улуус киин балыыһатын объектарын барытын, оҕо тэрилтэлэрин, олорор дьиэлэри, маҕаһыыннары эҥкилэ суох сылааһынан хааччыйаллар. Маастар быһыытынан үлэтигэр, уолаттарыгар олус ирдэбиллээх, саппаас чааһынан, спецтаҥаһынан күүскэ хааччыйара, булара-талара, туруорсан ылара.
Сарсыарда эрдэлээн, киэһэтин хойутаан олох барытын бэрэбиэркэлии, көрө-истэ, хонтуруоллуу сылдьара. Оттук сезонугар эрдэттэн бэлэмнээх көрсөллөрө. Оччоҕо эрэ нус-хас сайылыыра. Үлэһиттэригэр эбии үлэлэри булан нэрээккэ күүскэ үлэлэтэн эбии дохуоттуура. Барыларыгар биир өйдөбүлү күүскэ иҥэрэрэ :“Бэйэҕит дьиэҕит курдук бэйэҕит хочуолгут, ол туһугар үлэлээҥ” диэн. Аны Афанасий Петрович ааттаах общественник этэ. Үлэһиттэрин араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кытталларын биһириирэ, ирдиирэ.
Кини маастар буолуоҕуттан хочуолунай үлэтэ лаппа тупсубута диэн бииргэ өр сылга үлэлээбит дьоно истиҥник ахталлар. Биригээдэ дьоно барыта биир тэрилтэҕэ уһуннук үлэлээбит, уопуттаах, үлэһит үрдүк эппиэтинэстээх дьон. Сахабыт сирин тоҕус ыйдаах кыһыммыт, аам-даам тымныы ыйдарбыт устата Афанасий Петрович салайааччылаах биригээдэ хочуолунайдарын иккис дьиэ оҥостон, түүн утуйбакка, күнүс олорбокко тутуспутунан, биир санаанан салайтаран, өйөһөн-өйдөһөн, сылааһы биэрэн дьон уйгулаах олоҕун уһансан кэллэхтэрэ, билигин даҕаны маастардарын аатын үрдүктүк тутан, олохтоммут тэтиминэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Маастардара Афанасий Петрович барахсан баҕарбытын, ымсыырбытын курдук 8 №-дээх хочуолунай убаҕас оттуктан механизацияҕа көстө. Баара буоллар төһө эрэ үөрээхтиир этэ. Киһи, салайааччы солбуктаах буолуохтаах. Коллектив биир санаанан эрэнэн, эдэр эрчимнээх киһилэрин, Ытык Күөллээҕи 8 №-дээх учаастак маастарынан Афанасий Петрович күтүөтүн талбыттара. Онон, 8-с №-дээх биригээдэ уолаттара биир киһи курдук, маастардара саҕалаабыт дьыалатын ыһыктыбакка салгыы үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Бары көрсө түстүлэр даҕаны куруутун маастардарын саныыллар, инньэ диэбиттээх, маннык гыныҥ, маннык оҥоруҥ диэхтээх этэ диэн куруутун кэпсэтэллэр, ахталлар, саныыллар.
Кырдьык даҕаны Афанасий Петрович “Бэйэм салайан үлэлэтэр 8-с №-дээх хочуолунайым кэлэктиибэ бары, үлэ атын көрүҥнэрин баһылаатылар, ханнык баҕарар оборудованиены хаачыстыбалаахтык таҥан оҥоробут, ханнык да үлэттэн иҥнэн-толлон турбаппыт, күнүһү-түүнү аахсыбакка, кыыдааннаах кыһын тымныытын билиннэрбэккэ ү;лэлиир, үлэни өрө туппут дьон — мин дьонум. Бэйэбит икки ардыгар кэпсэтэрбитинэн, оҕо төрүөҕүттэн саҕалаан, үйэтин тухары сылааһынан хааччыйарбытынан астынабыт” диэн коллективын дьонугар куруутун махталлаах этэ. Үлэлиир киһи үлэтэ сыаналаныахтаах диэн үлэһиттэрин сыл ахсын наҕараадаҕа түһэрэр этэ. Коллектив кырдьык даҕаны бары ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх. “Сыл бастыҥнара”, “Сыл бастыҥ хачыгаара” анал ааты кэккэ сылларга сүгэн кэллэхтэрэ. Быйыл үгэс буолбут оттук сезонун сабыы улахан күрэҕэр 8 №-дээх хочуолунай коллектива бастаабыта. Республика филиаллара кыттыылаах стратегическай сессияҕа буолбут күрэххэ филиал аатын көмүскээн бастаабыттара эмиэ элбэҕи этэр. Учаастак маастара Александр Лазарев сыл түмүгүнэн ситиһиилэрин иһин СӨ Ил Түмэн Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Онон бэйэтэ туһунан суоллаах-иистээх, баай историялаах учаастак коллектива Афанасий Петрович саҕалаабыт тэтимин, уурбут оҥкулун үрдүктүк тутан иһэллэриттэн киһи эрэ үөрэр.
Афанасий Петрович бу хочуолунайга убайын уолаттарын Романнаах Мичили үлэтэ суох сырыттахтарына үлэҕэ ылан, өссө кэтэхтэн үөрэттэрэн, анал идэ ылларан, бэйэтигэр сыһыаран үлэһит оҥортообута. Күндү күтүөттэрин Александр Лазаревы, Иннокентий Кондаковы, Иван Слепцову бэйэтин таптыыр идэтигэр уһуйан, бу хочуолунай сүрүн үлэһиттэринэн буолбуттара. Онон коллектив аҥара Харитоновтар, үлэһит династияны салҕааччылар. Кинилэргэ, Харитоновтар аймахха, ирдэбил уонна эппиэтинэс хас эмэ бүк μрдμк. Аҕаларын аатын үрдүктүк тутуохтаахтар, үлэҕэ Афанасий Петрович такайбытын, ирдиирин курдук, өссө кыһаллан-мүһэллэн үлэлиэхтээхтэр, кини саҕалаабытын, баҕарбытын олоххо киллэриэхтээхтэр.
Этэргэ дылы аҕаларын туйаҕын хатарыахтаахтар. Төрөппүт уола Харитонов Афанасий Афанасьевич Тааттатааҕы лицейи бүтэрэн, СГУ ИТФ инженер идэтин баһылаан, Дьокуускай куоракка ”Водоканал” тэрилтэ биир тутаaх үлэһитэ буолан үлэ үөһүгэр сылдьар.
Афанасий Петрович тапталлаах кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ, СӨ ОДьКХ ГУТ бэтэрээнэ, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа уһуннук, үтүө суобастаах үлэтин иһин Таатта нэһилиэгин
«Бочуот кинигэтигэр» киллэриллибит Ульяна Семеновна ОДьКХ Тааттатааҕы филиалыгар 37-с сылын ааҕар-суоттуур үлэһит быһыытынан эҥкилэ суох үлэлии-хамсыы сылдьар.
Кини үлэтин толору баһылаабыт, олус кыһамньылаах, олус сымнаҕас майгылаах, эйэҕэс, Таатта филиалын ытыктанар, киһи эрэ холобур оҥостор киһитэ. Кыргыттара Федора, Ньургустаана эмиэ бу тэрилтэҕэ бухҕаалтырынан, диспетчеринэн, харабылынан үлэлии сылдьыбыттара. Хас биирдии киһи бу орто-туруу дойдуга киһи-хара буолаары, олох олороору кэлэр. Оттон дьон олоҕун улахан аҥаарын үлэҕэ атаарар… Ити курдук, араас кэмнэргэ аҥаардас биир ыал ийэтиттэн, ытык киһиттэн Эбээ Муочаттан саҕалаан Харитоновтар династиялара коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ сүһүөҕэр туруутугар, туруктаах буолуутугар үгүс сыраларын биэрэн, ОДьКХ Тааттатааҕы филиалыгар үлэлээбиттэрэ 250 сылга тиийдэ. Маны этэн эрдэхтэрэ, төрөөбүт дойдуга таптал, коллективка таптал, үлэҕэ дьиҥ-чахчы бэриниилээх буолуу, үйэ тухары киһиэхэ туйах хатарааччылар, дьыаланы, олоҕу салҕааччылар баар буолуулара — үрдүк дьол диэн!
Г. АРЫЛАХОВА, А.К.Андреев аатынан ОДьКХ музейын сэбиэдиссэйэ, «Таатта» хаһыат
Читайте нас в: