САХА СИРЭ. Кулун тутар 13 күнэ — ULUS.MEDIA. Норуокка биллэринэн, “балбаах сокуона” күүһүгэр киирбитэ аҕыйах хонно. Ол эрээри, мунаарааччы-мунаахсыйааччы билигин даҕаны баһаам. Тыа сирин үлэһит дьонун долгутар ыйытыыларга Россельхознадзор Амур уобалаһыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр салаатын бэтэринээрийэ хонтуруолугар уонна кэтэбилигэр отделын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Петр Федотов хоруйдуур.
– Саҥа сокуон ынах сүөһү, сибиинньэ уонна көтөр иитээччилэргэ сыһыаннаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, биллэрин курдук, бааһынай хаһаайыстыбаларбыт үксэ бытархайдар: 10-20 сүөһүлээх, сибиинньэлээх эбэтэр 50-100-чэ кууруссалаах, кустаах пиэримэр ойоҕос бородууктата киин уобаластарга баар сүүһүнэн-тыһыынчанан сүөһүнү, сибиинньэни, көтөрү иитэр хаһаайыстыбалар киэннэригэр холоотоххо, букатын дуона суох. Ыстарааптыыр сааҥсыйа туттуллар түбэлтэтигэр дьиэ кыылын-сүөлүн ахсаана уонна онтон таһааран “бородууктатын” кээмэйэ аахсыллыа суоҕа дуо?
– Маҥнай ыстараап туһунан иһитиннэрииттэн саҕалыым. Госдума бу дьыл олунньу 16 күнүнээҕи мунньаҕар дьиэ кыылын-сүөлүн ойоҕос бородуукталарын (ноһуом, көтөр сааҕа) туһаныы быраабылаларын кэһии иһин 450 тыһ. солкуобайга диэри ыстараабы олохтуур туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынна. Докумуон РФ Административнай кэһиилэр тустарынан кодексын 10.8.1 ыстатыйанан эбэн-ситэрэн биэрэргэ ыйар.
Онон сиэттэрэн, ойоҕос бородуукталары харайыы, тиэйии, оҥоруу, батарыы ирдэбиллэрин тутуспатахха, маннык кээмэйдээх административнай ыстараабы олохтуурга этиллэр: дуоһунастаах дьоҥҥо – 30 тыһ. солкуобайтан 40 тыһ. солкуобайга диэри, урбаанньыттарга – 50 тыһ. солкуобайтан 60 тыһ. солкуобайга диэри, юридическай сирэйдэргэ (тэрилтэлэргэ) – 250 тыһ. солкуобайтан 350 тыһ. солкуобайга диэри эбэтэр тэрилтэ үлэтин 90 сууккаҕа диэри административнай тохтотуу. Сыл иһигэр хаттаан кэһэр түбэлтэҕэ ыстараап кээмэйэ улаатар, тустааҕынан 40 – 50, 60 – 70, 350 – 450 тыһ. солкуобайга тиийэр. Оттон үлэни тохтотуу болдьоҕо уруккунан хаалар.
Маныаха дьиэ сүөһүтүн-көтөрүн ахсаана аахсыллыбат. Сокуон күүһэ кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга тарҕаммат. Ол гынан баран, сүөһүлээх, сибиинньэлээх, көтөрдөөх дьон РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 621, 622 уонна 103 нүөмэрдээх бирикээстэринэн бигэргэммит бэтэринээрийэ быраабылаларын тутуһуох тустаахтар.
– Петр Петрович, бука, Саха сиригэр хас хаһаайыстыба эппиэтинэскэ хабылларын аахтаххыт буолуо?
– Хас хаһаайыстыба эппиэтинэскэ хабылларын билигин этэргэ уустук. Тоҕо диэтэххэ, төһө буолара хаһаайыстыбалартан биллэрии-иһитиннэрии киирэриттэн тутулуктаах. Билэргит курдук, 2022 сыл от ыйын 14 күнүгэр ылыллыбыт “Дьиэ кыылын-сүөлүн ойоҕос бородуукталарын уонна РФ чопчу сокуоннай аакталарыгар уларытыылары киллэрии тустарынан” 248-с №-дээх федеральнай сокуон 5-с ыстатыйатын 1-кы чааһыгар олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар юридическай сирэйдэр, урбаанньыттар, юридическай сирэй тэриммэккэ үлэлиир бааһынай хаһаайыстыбалар дьиэ кыылын-сүөлүн иитииттэн тахсар бэссэстибэлэри ойоҕос бородууктаҕа эбэтэр тобоххо ыыталларын бэйэлэрэ быһаараллар. Барыта кинилэр быһаарыыларыттан тутулуктаах.
– Бырамыысыланнай бөдөҥ хампаанньалар айылҕабытын (сирбитин, уубутун, салгыммытын) киртитэллэрин иһин, күлүү гыммыт курдук кыра харчыга ыстарааптаналлара – баар көстүү. Холобур, АЛРОСА үс өрүһү сүһүрдэн баран, ону даҕаны норуот модьуйан, 30 тыһ. солкуобайы төлүүргэ уураахтаммыта. Оттон сүөһү иитээччи 450 тыһ. солкуобайдаах ыстараабы төлүөҕэ киһи төбөтүгэр баппат…
– Тулалыыр эйгэни киртитиигэ сыһыаннаах боппуруостар Россельхознадзор боломуочуйатыгар киирбэттэр. РФ Административнай кэһиилэр тустарынан кодексыгар уларытыы, чопчу үөһэ этиллибит дьиэ кыылын-сүөлүн иитии ойоҕос бородуукталарыгар сыһыаннаан ыстарааптыыр сааҥсыйалары киллэрии, көрүүгэ сылдьар. Ити эрээри, хаһаайыстыбалар холкутууллара сатаммат, быыһык кэми бэлэмнэнэргэ, сүбэ ыларга уонна Россельхознадзор быһаарар-сэрэтэр көрсүһүүлэригэр кыттарга, докумуоннарга үлэлэһэргэ туһаныах кэриҥнээхтэр.
– “Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин үлэтин 90 сууккаҕа диэри административнай тохтотуу” диэн сааҥсыйаны хайдах өйдүөххэ сөбүй?
– Хаһаайыстыба ойоҕос бородуукталары эргитиигэ сыһыаннаах дьайыытын тохтотуу өйдөнүллэр. Ол аата, сокуон сүөһү-көтөр ойоҕос бородуукталарын харайыыга, оҥорууга, тиэйиигэ, батарыыга уонна туһаныыга ирдэбиллэрин кэһии булулуннаҕына, хаһаайыстыба олору атыылыырын, атын сирэйдэргэ биэрэрин эбэтэр бэйэтэ туһанарын бобуохтарын сөп.
– Петр Петрович, быһаарар-өйдөтөр үлэни хайдах киэбинэн ыытарга былаанныыгыт? Нэһилиэктэргэ, хаһаайыстыбаларга сылдьаҕыт дуо?
– Саҥа сокуон ирдэбиллэрин уонна сокуон аакталарын сиһилии быһаарарга киэҥник иһитиннэрэр-биллэрэр тэриллиилэри туһанабыт: тэлэбиидэнньэҕэ, араадьыйаҕа тахсабыт, хаһыаттарга уонна электроннай таһаарыыларга иһитиннэриилэри биэрэбит, брошюралары, листовкалары тарҕатабыт. Сэминээрдэргэ, сүбэ мунньахтарга кыттабыт, хаһаайыстыбалар көрдөһүүлэринэн тыа сиригэр быһаччы сылдьабыт эбэтэр ВКС нөҥүө кэпсэтии тэрийэбит. Быһата, ньыма элбэх.
– Ноһуому уурар-харайар аналлаах миэстэ хайдах, туох матырыйаалынан оҥоһуллубут буолуохтааҕый? Дьон былаһаакка хайаан даҕаны бетонтан кутуллубут буолуохтаах диэн өйдүүллэр эбит.
– Кырдьык, курсуйа илик сүөһү-көтөр ойоҕос бородууктата онно анаан оҥоһуллубут миэстэҕэ ууруллуохтаах-харайыллыахтаах. Ол аналлаах былаһаакка сүөһү, сибиинньэ, көтөр иитиллэр эбийиэгиттэн туспа, салгын охсор уонна ууну мунньар-хаайар тутуу аллараа өттүгэр туруохтаах. Сүрүн ирдэбил – тулалыыр эйгэни, ол иһигэр ууну, киртитии таһаарыллыа суохтаах. Сир аннынааҕы ууга өппөтүн туһуттан аналлаах былаһаакка аллараа өттө монолит бетон олбохтоох эбэтэр быыһа суох гына силимнэспит пленка бүрүөһүннээх буолуохтаах. Анныгар туой буорунан 20 сантиметртан чарааһа суох олбох оҥордоххо эмиэ барсар. Ойоҕосторунан буортуктаах уонна сиик тахсар хайаҕастаах буолуохтаах. Итилэртэн ханнык матырыйаалы туһанарын, былаһаакка иэнин ойоҕос бородууктаны бас билээччи, кыаҕыттан уонна бородууксуйатын кээмэйиттэн көрөн, бэйэтэ быһаарар.
– Аналлаах миэстэ олорор дьиэҕиттэн, ыалларгыттан төһө тэйиччи туруохтааҕый?
– Сокуоҥҥа бэйэтигэр уонна бу сокуоҥҥа бас бэринэр аакталарга былаһаакка олорор дьиэлэртэн төһө тэйиччи туруохтааҕа чопчу ыйыллыбат. Ити эрээри, билигин ноһуому харайыыга баар бэтэринээрийэ-саньытаарыйа уонна ыраастык-чэнчистик туттуу ирдэбиллэригэр болҕойуллуохтаах. Ол курдук, холобур, пиэримэр ынах сүөһүтүн ноһуомун пиэримэ күрүөтүн тас өттүгэр хотонтон 60, үүт блогуттан 100, олорор дьиэлэртэн 300 миэтэрэттэн итэҕэһэ суох сиргэ мунньуохтаах. Оттон сибиинньэ иитэр хаһаайыстыбаҕа ирдэбил – 500 миэтэрэ.
– Элбэх сүөһүлээх улахан хаһаайыстыбалар сайын 4-5 ый устата сайылыктарга тахсаллар. Сүүһүнэн ынах хонор тэлгэһэтигэр “бородуукта” хойуу буолара биллэр. Саҥа сокуон онно дьайбат ини?
– Сайылык диэн сахаларга эрэ баар. Онон, сокуоҥҥа ити өйдөбүл туһунан чопчу ыйыллыбат эрээри, сайылыкка титиик үгэс быһыытынан тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар мэччирэҥ сиргэ тутулларынан, сокуон дьайыытыгар түбэспэт.
– Сүөһү тоҥ сааҕынан, балбааҕынан, эргинээччилэри инникитин туох күүтэрий? Бу күннэргэ балбааҕы хороччу тиэммит массыыналаахтар чааһынай биисинэстэрин саҕалаатылар…
– Росприроднадзор 2017 с. ыам ыйын 22 күнүнээҕи 242-с №-дээх бирикээһинэн бигэргэппит тобох федеральнай классификационнай каталогар олоҕуран, сүөһү, сылгы, сибиинньэ уонна көтөр саахтара, дьиэ кыылын-көтөрүн иитиигэ туттуллубут мас көөбүлэ III-V кылаас кутталлаах тыа хаһаайыстыбатын тобоҕор киирэллэр, ол аата кыра кутталлаах тобоҕунан ааҕыллаллар. Урбаанньыттар уонна юридическай сирэйдэр сүөһү-көтөр иитэллэриттэн тахсар тобохторго III-IV кылаас кутталлаах тобох пааспарын булгуччу толоруохтаахтар. Туһааннаах киһи (тэрилтэ) үлэтин түмүгэр тахсыбыт тобох куттала суох буоларын хаачыйыахтаах.
Тобохтору оннуларын булларыы – бу тобохтору харайыы уонна көмүү. Тобохтору харайыы – уон биир ыйтан ордук сыппыт тобохтору анал эбийиэктэргэ туһаҕа таһаарар, буортута суох гынар, көмөр сыаллаах ууруу. Тобохтору көмүү – тулалыыр эйгэҕэ буортулаах бэссэстибэлэр тарҕаналларын бохсор инниттэн салгыы туһаҕа турбат тобохтору анал харайар сирдэргэ арааран ууруу (сири хаһан баран, буорунан көмүү).
Билигин үлэлиир сокуонунан ноһуом (балбаах) тобоххо киллэриллэринэн, атыыланыа суохтаах, анал миэстэҕэ илдьэн, курсутан, буортута суох оҥорон баран, көмөргө анаан, ууруллуохтаах. Ноһуому тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сиргэ уоҕурдуу быһыытынан туттар кыах ноһуом дьиэ кыылын-сүөлүн иитии ойоҕос бородууктатынан эбэтэр уоҕурдуунан билиниллэр түбэлтэтигэр эрэ үөскүүр.
Маныаха ойоҕос бородуукталары тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар юридическай сирэй, урбаанньыт эбэтэр юридическай сирэйи тэриммэтэх бааһынай хаһаайыстыба эрэ атыылыан сөп. Кини ойоҕос бородууктаны тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдээх юридическай сирэйдэргэ, урбаанньыттарга эбэтэр юридическай сирэйи тэриммэтэх бааһынай (пиэримэр) хаһаайыстыбаларга эрэ биэрэр кыахтаах.
– Саҥа сокуон тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар кэтэх хаһаайыстыбалаах уонна биирдиилээн дьоҥҥо атыылыылларын бобор буоллаҕына, сүөһүтэ суох ыаллар оҕуруоттарын уоҕурдуналларыгар моһуогу көрсүүһүлэр. Тыа сиригэр онто суох кэтэх сүөһүлээх ыал аҕыйаан иһэр…
– Долгуйар табыллыбат. Саха сиригэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал ахсаана регистрацияламмыт бааһынай хаһаайыстыбалартан быдан элбэх, нэһилиэнньэ уоҕурдуута суох хаалыа суоҕа. Бу сокуон ирдэбиллэрэ чааһынай сирэйгэ, кэтэх хаһаайыстыбалаахха дьайбаттарын өссө төгүл чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын.
– Петр Петрович, Россельхознадзор туох боломуочуйалардааҕый итиэннэ ханнык түбэлтэҕэ ыстарааптыыр сааҥсыйалары туттуон сөбүй?
– Россельхознадзор боломуочуйаларыгар сүөһү, сибиинньэ, көтөр иитээччилэр ойоҕос бородуукталары харайыы, оҥоруу, тиэйии уонна туһаныы ирдэбиллэрин тутуһалларын хонтуруоллааһын киирэр. Өскөтүн тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччы ноһуомун, көтөрүн сааҕын, ходуулун уонна убаҕаһын ойоҕос бородуукталарга киллэрэргэ быһаарыммыт буоллаҕына, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр ойоҕос бородуукталары харайыы, оҥоруу, тиэйии уонна туһаныы ирдэбиллэрин тутуһар эбээһинэстээх. РФ бырабыыталыстыбатын 2022 с. алтынньы 31 күнүнээҕи 3256-с №-дээх дьаһалынан 6 суол кэһии түбэлтэтигэр ойоҕос бородуукта тобоҕунан ааҕыллар испииһэгэ оҥоһуллубута. Россельхознадзор дьиэ кыылын-сүөлүн иитии ойоҕос бородуукталарын харайыы, тиэйии, оҥоруу, туһаныы ирдэбиллэрин тутуспатахха ыстарааптыыр сааҥсыйалары туттуон сөп. Оттон, өскөтүн, кэһии түмүгэр ойоҕос бородуукта тобоҕунан билинилиннэҕинэ, матырыйааллар Росприроднадзор дьаһал ыларыгар бэриллэллэр.
Василий Никифоров. Хаартыска: Светлана Иванова, СИА
Читайте нас в: