САХА СИРЭ. Кулун тутар 10 күнэ — ULUS.MEDIA. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэрэ тыа сирин олохтоохторун кытта сирэй көрсөн кэпсэтиилэригэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сири өртөөһүн уонна дулҕатын, талаҕын астаран тупсаран оҥоруу боппуруостара нэһилиэк аайы көтөҕүллүбүттэрин эрдэтээҥи ырытыыбар бэлиэтээн турабын. Бүлүү эбэ сүнньүнэн сытар Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Сунтаар улуустарыгар үөһэ ыйыллыбыты тэҥэ тыа сирин сарсыҥҥытын түстүөхтээх суолу, күргэни, уһуйаан уонна оскуола дьиэлэрин тутуу кыһалҕата, чуолаан, кытыы нэһилиэктэргэ үгүстэригэр этилиннэ.
Бүлүү. Өрүс алын сүүрүгэр, намтал-хотоол өттүгэр сытара сабыдыаллаан буоллаҕа, Бүлүү улууһун нэһилиэктэрэ ууга барымтыа сирдээхтэр. Ааспыт сайын уһуннук ардаан, өрүс уҥуордааҕы эрэ буолбакка, бэтэрээ федеральнай айан суолун кытыытынан сытар нэһилиэктэр кытта эмсэҕэлээтилэр. Сопхуостар баалларына саамай элбэх хоруу (650 км усталаах!) хаһыллыбыт оройуона этэ. Онтуларын угут, ардахтаах дьыллар эргилиннэхтэринэ ыраастаан, дириҥэтэн биэрэллэр. Кэлиҥҥи сылларга буору хаһар-баһар тиэхиньикэ эргэрэн, аҕыйаан, былааннаах үлэ санаа хоту ыытыллыбата мэлдьэх буолбатах.
Онон, бу улууска мэлирээссийэ боппуруоһа, этэргэ дылы, бэбиэскэттэн хаһан даҕаны уһуллубат. Улууска саамай элбэх сүөһүлээх нэһилиэктэр – Балаҕаччы, Хаҕын, Кыргыдай Мастаах эбэттэн аһаан, оттоон олороллор. “Олох суола” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Николай Куприянов: “Хаатыттан тахсыбыт уу хас даҕаны систиэмэнэн Хочот өттүгэр түһэриллиэхтээх. Үлэ ситэ барбакка турар”, – диэн суруйар. Балары таһынан ууну түһэрэр туһунан Лөкөчөөн, Дьөккөн, Тааһаҕар, Тоҕус (Тыымпы), 1-кы уонна 2-с Күүлэттэр нэһилиэктэрин туруорсуулара боротокуолга киирдилэр. Халбаакыга эмиэ ууттан босхолонуу кыһалҕата баар, нэһилиэк эдэр дьоно Тойон Хонууну чөлүгэр түһэрэн, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Бөтүҥҥэ “Оруктаах” куурдар-нүөлсүтэр систиэмэҕэ шлюз-регулятордары тутуу ситэриллиэхтээх. Арыылаах (Хампа) нэһилиэгэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ үлэлиир ороскуотун толуйууга үп көрүллэр мэхэньииһимин туспа көрөргө этии киллэрдилэр. Мэлирээссийэ салалтата быйыл саас собуоттан оҥоһуллан кэлиэхтээх 9 саҥа экскаватортан 3-үн Бүлүүгэ, 2-тин Үөһээ Бүлүүгэ, биири Ньурбаҕа эбэтэр Сунтаарга ыытарга былаанныыр. Бүлүү мэлирээтэрдэрэ Кэбээйи Мастаах эҥээрин эмиэ хааччыйаллар. Кэбээйи өттүгэр Киин филиал үлэлиэхтээх.
Бүлүүлэр сүөһү-сылгы кыстыгар былааннаммыт оттон 72 бырыһыанын булуммуттара. Инньэ гынан, быйыл кыһын үксүн атын улуустартан 2 тыһ. туонна кэриҥэ оту тиэйии-таһыы тэрилиннэ. Кэбээйи, Куорунай кытыы нэһилиэктэригэр курдук, тиэйии ороскуотун толуйууга көрүллэр тарыып ставкатын үрдэтэргэ хас даҕаны сиргэ этиннилэр. Отчуоттуур бөлөххө сылдьыспыт тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев: “Хаһаайыстыбаларга, биирдиилээн дьоҥҥо оту тиэйиигэ көрсүбүт ороскуоттарын толуйууга туонна/килэмиэтиригэр 18 солкуобай 20 харчынан төлөнөр диэн быспыппыт. Тиийбэтэҕин хаһаайыстыба, кэтэх ыал бэйэтэ эбэтэр нэһилиэк дьаһалтата төлөһүөхтээхтэр”, – диэн быһаарда.
Бүлүү улууһун иккис сүрүн уратыта – өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн манна эрэ саамай элбэх бөдөҥ тэрээһиннээх хаһаайыстыба баар. Ол курдук, сүөһү-сылгы иитэр 10 производственнай кэпэрэтииптээхтэр. Онон даҕаны буоллаҕа, аныгылыы улахан хотону тутуу боппуруоһа өрүү көтөҕүллэр. Боротокуолга 1-кы Күүлэккэ баар “Күүлэт” ТХПК-гэр 120 сүөһү турар хотонун (иккис уочаратын) уонна Хаҕыҥҥа нэһилиэк кэпэрэтиибигэр эмиэ 120 миэстэлээх хотону тутуу киллэрилиннилэр. Кыргыдайга 300 сүөһүлээх “Илин” бааһынай хаһаайыстыба (А.В. Кырбасова) 120-лээх хотону туруорсубутун быйыл бырайыагын оҥортордоҕуна, эһиилги былааҥҥа киллэриэх буолан эрэннэрдилэр. Улуус хоту уһук нэһилиэгэр, Үгүлээккэ, “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ салаатын (отделениетын) арыйыы боротокуолга бүтэһигинэн турда.
Үөһээ Бүлүү. Ааспыт сайын ааспакка-арахпакка түспүт ардах содулугар Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэрэ ходуһаларын ууга былдьатан, кыстыкка кырыымчык уонна мөлтөх оттоох киирбиттэрэ. Ити нэһилиэктэр уонна өрүс уҥуор хоту уһукка сытар Сургуулук олохтоохторо уу түһэриитин туруорсаллар. Соҕуруу уһукка олохтоох Туобуйа дьоно регулятордаах ууну аһарар быһыт тутуутун үбүлээһин боппуруоһун көрөргө көрдөһөллөр. Тамалакаан нэһилиэгэр “Бөргөмдө” уонна “Арыылаах” систиэмэлэригэр шлюзтары өрөмүөннээһин кыһалҕатын боротокуолга киллэртэрдилэр.
Улуус саамай кыра нэһилиэгэр, Хомустаахха, тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын көрдүүллэр. Оттон Балаҕаннаахха убаһа этин таска таһаарыы (экспорт) боппуруоһун үөрэтэн көрөргө этии киллэрдилэр. Бэтэринээр хамнаһа кыра буолан, исписэлиистэр тиийбэттэрин туһунан атын улуустар нэһилиэктэригэр эмиэ этиммиттэрэ. Харбалаах бэтэринээрэ ханнык даҕаны чэпчэтиинэн туһамматтарыттан, былырыын хамнаһы үрдэтэн баран, ол оннугар бириэмийэлэрин быһан кэбиспиттэриттэн мунчаарарын биллэрдэ. Кэнтик нэһилиэгэр бэтэринээр-быраас хамнаһын үрдэтии уонна бэтэринээрдэри эминэн хааччыйыы быһаарыллыахтааҕын туруорустулар, Тамалакааннар тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр “Земскэй бырааска” тэҥнээх бырагырааманы үлэлэтэргэ баҕа санааларын тиэртилэр.
Маҥаас нэһилиэгиттэн “сүөһү төбөтүгэр (бука, ынахтан ураты араҥаҕа буолуо) 10-20 тыһ. солкуобайдаах субсидия көрөргө” этии киирбит. Оттон Сургуулук дьоно үүт атыылаһыллар сыанатын үрдэтэргэ көрдөспүттэр гынан баран, сыана ити чааһын улуус таһымыгар соҕотуопкалыыр-тутар тэрилтэ бэйэтэ быһаарар, олохтуур. Харбалаахтар үүт тутуллар сыанатын 120 солкуобайга диэри үрдэтэргэ чопчу этиилээхтэр. Кырыкыйга, Сургуулукка “биэ төбөтүгэр көрүллэр көмө харчыны кэлиҥҥи 3 сыллаах статистикаҕа олоҕуран буолбакка, утары сылыгар хас баарынан биэрэргэ” туруорустулар.
Элбэх сиргэ, атын улуустар нэһилиэктэригэр даҕаны, сэлээркэ-бэнсиин сыаната аһара ыараабытынан, от үлэтигэр анаан чэпчэтиилээх эбэтэр субсидиялаах атыыланарыгар санааларын этиннилэр. Манна сыһыаран суруйдахха, улуус кытыы, сайын суола-ииһэ суох хаалар нэһилиэктэрин олохтоохторо “төбө харчыта” кыһыҥҥы суолу баттаһа тиксэриллэригэр баҕараллар.
Ньурба. Бырамыысыланнай аҥаардаах улуус буолан эбитэ дуу, тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх уонна күүстээх туруорсуу суох. Боротокуолга 16 боппуруос киллэриллибититтэн 4-дэ саха сүөһүтүн иитиигэ сыһыаннаах. Отчуоттуур бөлөххө “Саха сүөһүтэ” удьуор пуондата хааһына тэрилтэтин салайааччыта Александр Артемьев бэйэтинэн сылдьыспыта сабыдыаллаатаҕа. Тэрилтэ Акана нэһилиэгин Чкалов учаастагар саха сүөһүтүн иитэр отделениелаах. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ быйыл барыта 75 туонна үүтү туттарыахтааҕыттан Чкаловтааҕы отделениеҕа 6 туоннаҕа сорудах тиэрдиллибит.
Ньурбалар саха сүөһүтүттэн ылыллар аһы-үөлү күүтэллэр. Онон, “бородууксуйаны астааһыны уонна батарыыны сүнньүн булларарга” диэн туруорсуулары бастакы-иккис пууннарынан ылыннылар. Хааһына тэрилтэтэ Ст. Васильев аатынан отделениеҕа 13 үлэһиттээх, 300-тэн тахса сылгылаах. Улуустан 1, министиэристибэттэн 2 сылгы базатын тутууга үп көрүллүөхтээх, быйыл саҕалыахтаахтар эбит.
Александр Еремеевич Чкалов учаастагар баар отделение пиэримэтигэр икки ыанньыксыты була иликтэрин иһитиннэрдэ. Хамнастара кыччаабыта 40 тыһ. солкуобай, 2 кыбартыыралаах олорор дьиэ баар эрээри, үлэлии кэлиэн баҕалаах суох. Хотоҥҥо үлэһит илии тиийбэтэ Ньурба улууһугар эрэ буолбакка, “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ атын улуустарга баар филиалларыгар уонна тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бүтүннүү сыһыаннаах.
Ньурбаҕа сааскы халаан уутун хаайан-халытан, сыһыылары-хочолору нүөлсүтэр ньыма киэҥник тэнийбит уонна туһаныллар сирэ. Онон боротокуолга Ньурбачаан нэһилиэгэр Ньимискэннээх, Хара Булуҥ, Саҥа Күөл, Омолдоон диэн сирдэр, Таркаайы нэһилиэгэр “Муоһааны” халытан нүөлсүтэр систиэмэ шлюз-регулятордарын тутуу уонна Дьаархан нэһилиэгэр киһини-сүөһүнү халаан уутуттан харыстыыр сыаллаах Маар Күөл шлюз-регуляторын бырайыактааһыны үбүлээһин киллэриллибиттэрэ соһуччу буолбатах.
Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон ынах төбөтүгэр кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалга бэриллэр 35 тыһ. солкуобайдаах көмө үчүгэй эрээри, кэтэх үүтэ кыра сыанаҕа тутуллар буолан, үүтү туттарар интэриэстэрэ сүтэригэр тиэрдибитин бэлиэтээбиттэр. Үгүс ыаллар сайын ынахтарын ыабакка, бааһынайга эбэтэр кэпэрэтиипкэ туттарбакка, ньирэйдэрин кытта ыытан кэбиһэр үгэстэммиттэр. Маалыкайтан улуус дьокутаата Иосиф Иванов: “Эһиилгиттэн ынах төбөтүгэр бэриллэр субсидияны 3 ыанар ынаҕынан хааччахтыырга сөп этэ, онтон элбэх ынахтаах ыаллар үүттэрин туттарыахтаахтар”, – диэн санаатын үллэстибитин “Ньурба” хаһыат кэрэспэдьиэнэ Геннадий Антонов суруйбут.
Ньурба куоракка буолбут түмүк отчуоттуур мунньахха экэнэмиис идэлээх Иван Николаев улуус кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 3 тыһ. кэриҥэ ынах баарын, 70-ча эрэ ыал үүт туттарарын холобурдаабыт. Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ “төбө харчытын”, миэстэҕэ кэтэхтэн үүтү тутуу тэриллэрин курдук, нэһилиэктэр-улуустар географическай балаһыанньаларын учуоттаан, бэйэлэрин быһаарыыларыгар биэрэри туруоруста.
Бөлөх салайааччыта, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров ынах төбөтүгэр субсидия ыаллар ынахтарын ахсаанын аҕыйаппаттарын инниттэн олохтоммут дьаһал буоларын, кэтэх хаһаайыстыба бааһынай эбэтэр бэйэ дьарыктаах (самозанятай) буолан, эбэтэр кэпэрэтиипкэ киирэн, ынаҕын үүтүн үрдүк сыанаҕа туттарыан сөбүн, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар бородууксуйаны элбэтэргэ дьулуурдаахтарын, кыахтаахтарын ыйбыт.
Сунтаар. Ситэриилээх былаас бэрэстэбиитэллэрэ М.В. Никифоров салалтатынан улуус 26 нэһилиэгин барытын хабан, түөрт бөлөҕүнэн үлэлээбиттэр. Бөлөх ахсын “Сунтаар сонуннара” хаһыат айар үлэһиттэрэ – сүрүн эрэдээктэр Юлия Алексеева, кэрэспэдьиэннэр Яина Власьева, Гаврил Андреев, Дмитрий Петров тэҥҥэ сылдьыһан сырдаттылар. Боротокуол суох буолан, биир идэлээхтэрим суруйууларыгар сигэнэбин.
“Кириэстээх” ТХПК салайааччыта Владимир Егоров кыһыҥҥы суол хаалыан иннинэ сааскы ыһыыга бэлэмнэнэн, уотурба, сэлээркэ, сапчаас, о.д.а. ылыллыахтааҕын, онно көрүллүбүт харчы суһаллык түһэриллэн, ыһыы үлэтэ кэмигэр ыытыллыахтааҕын эппит-тыыммыт. Александр Амбросьев-Сайылык Уола саха дьонун киэн туттуута буолбут Арассыыйа Үлэтин дьоруойа, “Кириэстээх” ТХПК ыанньыксыта Владимир Михайлов туһунан улахан кинигэни бэлэмнииргэ үлэлэһээри сылдьарын иһитиннэрбит.
Тойбохойдор Хочо эргиннээҕи АЗС “Саханефтегазсбыт” тэрилтэҕэ бэриллэрэ ордугун, Булт сокуона аһара кытаатан, тыа сирин дьонугар уустуктары үөскэтэрин, о.д.а. этиммиттэр. Бүлүүчээннэр: “Бөһүөлэк иһинээҕи уонна оттуур-мастыыр сирдэргэ тиийэр суоллары оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэттэн үп көрүллүө дуо?” – диэн ыйыталлар эбит. Куокуну олохтоохторо “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” бырагырааманан дьиэ тутулларын, оттон саҥа үлэлии кэлэр исписэлиистэри олорор дьиэнэн хааччыйыыга ханнык бырагыраамаҕа киирсиэххэ сөбүн чуолкайдаспыттар.
Туойдаах кырдьаҕас олохтооҕо Иннокентий Аввакумов аҕыйах киһилээх кыра нэһилиэктэргэ болҕомто ууран, сайыннарыы өттүгэр туох үлэ барарын туһунан ыйытыытыгар: “Соторутааҕыта дойдубут баһылыга Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Анал этиитигэр дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннары сайыннарыыга анал бырагыраамалары, бырайыактары толкуйдаан, оҥорон, олоххо киллэриҥ диэн сорук туруорбута. Онон бу чугастааҕы кэмҥэ кыра нэһилиэктэр сайдыыларыгар бырабыыталыстыба өттүттэн кыһамньы күүһүрүө”, – диэн хоруйу истэн астыммыт.
Күндэйэҕэ дьон “Сунтаарга олохтоох бородууксуйаны атыылыыр анал атыы-эргиэн киинэ аһыллара буоллар, бородууксуйатын батарааччы даҕаны, атыылаһааччы даҕаны абыраныах этилэр” диэн санааларын үллэстибиттэр. Нэһилиэккэ сүөһү ииттэр дьон сүрүн кыһалҕалара – оттуур сир тиийбэтэ. “Ходуһаларбыт ыраахтар, күөллэрбит уолан эрэллэр. Онон мэлирээссийэ эрэ кыайар үлэтэ буолла. Манна үрдүкү салалтабыт көмө-ньыма буолуо дуо?” – диэбиттэр. Нэһилиэктэн чугас сытар оттуур ходуһалара үксэ ууга барбыт. Онтон күһэллэн, 2-3 көс тэйиччи сытар сиргэ баран оттууллар. Аны кыһынын от тиэйтэрэллэригэр лаппа ороскуотураллар. Нэһилиэк эргин сытар үс күөл уутун түһэрдэххэ, оттуур ходуһа даҕаны, сүөһү мэччирэҥэ даҕаны тахсыа этэ диэн санаалаахтар. Иһэр уу кыһалҕатын эмиэ туруорбуттар.
***
Биир өрүс умнаһыгар олорор улуустар кыһалҕалара, омос көрдөххө, биирдиҥи эрээри, иҥэн-тоҥон иһирдьэ киирэн истэх аайы уратылаһара элбэх. Ити гынан баран, барыларын биир санаа – былырыыҥҥы амырыын ардахтаах сайын хатыланыан сөбө – дьиксиннэрэр, дьаархаһыннарар эбит. Ол даҕаны иһин, элбэх нэһилиэккэ “сөмөлүөтүнэн көтө сылдьан былыттары ытыалаан, ардаҕы түһэрэри тохтоторго” эбэтэр “от ыйыгар диэри түмүктүүргэ” көрдөһөр-ааттаһар саҥалар үгүстүк иһиллэн аастылар, сорохтор салгыҥҥа эрэ ыйанан сүтэн-симэлийэн хаалбатын диэн боротокуолларыгар кытта киллэрдилэр.
Василий Никифоров
Читайте нас в: