«Дьон миигин албынныан сөп, оттон илиибин ким да албынныыр кыаҕа суох”: Людмила Хань

Ханна да сырыттахпына, саҥа, сонун билсиһиилэрбиттэн бу дьон туох дьарыктаахтарын, дьоҕурдаахтарын, ураты дьылҕалаахтарын олус сэргээн истэбин. Уонна хаһыаппытыгар, ааҕааччыларбытыгар төһө интэриэһинэй буолуой, дьон төһө сэҥээриэй? диэн толкуйдаан көрөөччүбүн. Биир оннук билсиһиибиттэн бүгүн кэпсии түһүөхпүн баҕарабын. Арай куртаҕым ыалдьан эрэйдэнним уонна эмтэнэр сыалтан араас ньыманы боруобалыырга сананным. Таблетканы таах хааланан, куртахха буортута улаханын санаатым уонна сахалыы эмтэнэн саҕалыыр эбиппин диэн түмүккэ кэллим. Араас дьонтон ыйыталаһан, Дьокуускай куорат 17-с кварталыгар олорор Людмила Никоновна Хань туһунан иһиттим уонна күн, чаас болдьоһон баран тиийдим.

Эмчит бу квартал икки этээстээх эргэ мас уопсай дьиэлэриттэн биирдэстэригэр олорор эбит. Тиийбитим, бэйэм курдук көрдөрүнэ тиийбит араас кыһалҕалаах дьон кэлэн уочараттаан олороллоро. Араас омук дьоно баалларын бэлиэтии көрдүм. Бэйэм уочаратым кэлбитигэр тиийэн дьэ билистим, сүрдээх үчүгэйдик кэпсэттибит, киэҥ, холку майгылаах, кэпсэтинньэҥ, кыра уҥуохтаах саха дьахтара эбит.

Мин саха эмчиттэрин балайда билэр курдук сананар этим да, Никоновна туһунан истэн аһарбыттаах эрэ эбиппин. Сеанспын ылбытым кэннэ, өссө хас да хонугунан кэлиэхтээхпин эттэ. Ол тухары аана адьас сабыллыбат, дьон тохтоло суох сылдьар киһитэ эбит. Ити курдук билсэн, хаһыакка анаан матырыйаал оҥорууһукпун диэн, дьону көрбөт күнүгэр тиийэн, атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэттибит.

Эмтии олорон “Дьон миигин бэйэбин албынныахтарын сөп, оттон илиибин албынныыр кыахтара суох», — диэн этэн аһарбыта. Онон кэпсэтиибин итинтэн саҕалаатым. Быһааран биэрэригэр көрдөстүм.
Илиим дьон ыарыытын тута булар. Ол иһин этэбин, кэпсээннэринэн миигин албынныахтарын сөп диэн. Оттон ыарыһахха илиибин даҕайдахпына, ыарыы баар миэстэтигэр илиим тута барар. Аны улахан аньыылаах-харалаах киһи кэлбит буоллаҕына, күөмэйбэр туох эр бүөлүү турар курдук, күөмэйим кычыкаланан барааччы.

— Интэриэһинэй дии? Эмтиир дьоҕурдааххын хаһан билбиккиний?

— Мин Чурапчы Дириҥэр детдомҥа улааппытым. Онон Чурапчыны дойдубунан ааҕабын. 8 саастаахпар оҕо дьиэтин иитиллээччитэ буолбутум. Оччотооҕу оҕолорго ийэбитин солбуйбут Мария Прокопьевна Собакина, Мария Дмитриевна Сокольникова диэн эйэҕэс, аһыныгас сүрэхтээх баспытааталлар үлэлээбиттэрэ. Кинилэрдиин билигин даҕаны сибээспитин быспаппыт, билсэ, көрсө, кэпсэтэ олоробут. Егор Николаевич Саввинов диэн директордаах этибит. Үлэтигэр олус ирдэбиллээх, оҕолору наһаа таптыыр, аҕабыт кэриэтэ киһи этэ.

Бары олус иллээх, биир ыал оҕолорун курдук улааппыппыт. Улахаттар кыралары көрөн-истэн, убай, балыс курдук истиҥ сыһыан баара. Эдьиийдэрим диир, бэйэбиттэн аҕа кыргыттар кэнники кэпсииллэр. Кып-кыра кыыс, «эн төбөҥ, эн атаҕын, эн саннын, эн иһин ыалдьар эбит”,- дии-диибин имэрийэн эмтиир курдук туттар, диагноз туруорар үһүбүн. Бэйэм ону адьас өйдөөбөппүн. Мин имэрийбитим кэнниттэн, төбөлөрүн ыарыыта ааһан хаалара үһү. Ити курдук, адьас кыра сааспыттан эмтээн саҕалаабыппын быһылаах…

— Оттон дьон-сэргэ эйигин хайдах билэн саҕалаабытай?

— Оскуола кэнниттэн Дьокуускайга көһөн, “Горпищеторг” тэрилтэҕэ рабочайынан үлэлии киирбитим. Бу тэрилтэҕэ тапталлаах кэргэммин кытай төрүттээх Андрей Хань диэн уолу кытта билсиһэн, ыал буолбуппут. Уол оҕолонон, ийэ, аҕа аатын ылбыппыт.
Манна үлэлии сылдьан, үрдүк хаан баттааһыннаах (давление) дьахтар төбөтө ыалдьыбытыгар, илиим бэйэтэ барбыта. Имэрийэн, ыарыытын мүлүрүппүтүм. Онтон ыла, ким туга ыалдьарынан кэлэн имэриттэрэр, илбиттэрэр буолбуттара.

Уолбут оҕо сылдьан детсадка бүтүн группанан саһарар диэн ыарыы кэлбитигэр сутулланнар, элбэх оҕо быарынан улаханнык ыалдьан бараахтаабыттара. Мин оҕобун уһуннук эмтээммин, атаҕар туруорбутум.

— Ханнык диагнозтаах дьон эйиэхэ сылдьалларый?

— Мин адьас рекламаланарбын, кэпсэнэ сылдьары сөбүлээбэппин. Бары «этэрбэс араадьыйатынан» истиһэн, билэн кэлэллэр. Элбэх дьон, араас эмчит мустар сиригэр сылдьартан туттунабын.
Маннык дьарыктаммытым ырааттаҕа дии… Кыһалҕалаах дьон наһаа элбэхтэр. Кэнники сылларга онкология элбээтэ, түөс, куртах, оһоҕос, быар, бүөр,ноор, дьахталлар о.д.а. органнарга куһаҕан искэн тахсыыта. Итини тыынар салгыммыт, иһэр уубут киртийиитин, хаачыстыбата суох кэлии араас аһынан аһыырбытын кытта сибээстиибин. Сүһүөх, уҥуох ыарыылаахтар эмиэ кэлэллэр. Барыта ыарыы төһө улаханыттан тутулуктаах.

Сатаан төрөөбөт уонча дьахтары эмтээммин, ийэ буолуу дьолун биллэрбитим. Хаан баттааһыннаах элбэх дьон сылдьар. Эдэр ыал урууларыгар, билэр дьонум бэлиэ күннэригэр ыҥыраннар алҕатааччылар.
Алгыы тураммын, көтөн хаалабын. Аан бастаан 2012 сыллаахха, алгыс оҥоро тураммын итинник, үөһэ көтөн хаалбыт курдук буолбутум. Онтон сиэри-туому толорон баран түстэхпинэ, бастаан мунан хаалбыт курдук буолабын. Былыттар үрдүлэринэн хаама сылдьар курдукпун, ыраах-ыраах күн тыгар уонна наһаа үчүгэй, ыраас куолаһынан киһи саҥарарын истэбин.

— Кыһалҕалаах дьон сааһа араас буоллаҕа?

— Оннук. Сааһа эрэ буолбатах, дьахталлар, эр дьон, араас омуктар,ингуштар, армяннар о.д.а. омуктар сылдьаллар. Туһаммыт, мин эмтиир кыахпын билиммит дьон кэлэ турар. Аймахтарын, чугас дьоннорун илдьэ кэлэллэр.

— Сир үрдүгэр туох барыта сыаналаах. Эйиэхэ эмтэнээччилэр хайдах төлөһөллөрүй?

— Истибит буолуохтааххыт… Эмчит тахсаары гыннаҕына, чугас дьонуттан толук ылыы диэн баарын… Кэргэним, оҕом эдэр саастарыгар Орто дойдуттан барбыттара. Уолум икки оҕотун, адьас кыраларыттан бэйэм ииппитим. Билигин иккиэн устудьуоннар. Уол сиэним өссө Маҕан аэропордун үлэһитэ. Онон сиэннэрим тустарыгар үлэлиибин-хамсыыбын, дьоҥҥо үтүөнү оҥоробун, дьон махталын ылабын.
Эмтэммит өҥө иһин харчынан ылбаппын, Үөһээҥҥилэрим көҥүллээбэттэр. Ол оннугар ким тугу аҕаларынан хааллараллар.

— Людмила Никоновна, дьоҥҥо эрэли үөскэтэн, эмтээн, олоххо интэриэстэрин үрдэтэрин таһынан, общественник бэрдэ эбиккин?

— Оҕолорум кыраларыттан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри, оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитим. Олорор дьиэм подъеһыгар ырааһы, бэрээдэги көрөр солбуллубат старостабын. Ону таһынан, Строительнай уокурук бары тэрээһиннэригэр быһа гыммакка кыттабын.
Детдомҥа бииргэ иитиллэн, киһи-хара буолбут оҕолорбун кытта кэмиттэн кэмигэр бэлиэ түгэннэргэ көрсөбүт. Нэдиэлэҕэ 3-4 күн өрөөммүн сынньанабын, сиэннэрбин кытта бириэмэбитин бииргэ атаарабыт.

— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕыный? Күүһү-уоҕу хантан ылаҕыный?

Оҕолорбунаан куораппыт бэлиэ миэстэлэринэн, халлаан сылыйдаҕына пааркаҕа сылдьабыт. Киинэҕэ, кафеларга сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Сыл аайы оҥостон ыһыахтыыбыт.
Сайынын хайаанда төрөөбүт-үөскээбит Чурапчыбар тахсан, айылҕаҕа сылдьан, күүс-уох, энергия эбинэн кэлэр үтүө үгэстээхпин. Алгыс оҥорон,Үрдүк Айыыларбыттан көрдөһөн-ааттаһан, сиэр-туом толорон киирэбин.
Саҥа дьылга, тохсунньу 1 күнүгэр хайдах да тымныы буоллаҕына, оҕолорбунаан таһырдьа күүлэйдээн кэлэбит. Таһырдьа тахсаат, саҥа сылга бастакы көрсүбүт киһибитигэр улахан суолта уурабыт. Ол курдук, эр киһини көрүстэхпитинэ, үүммүт сыл биһиэхэ ситиһиилээх буолар эбит диэн өйдөбүллээхпит. Оттон бастаан дьахтары көрүстэхпитинэ, орто ситиһиилээх сыл буолсу диэн сылыктыыбыт.

— Эмтииргэр тугу тутуһаҕыный?

— Мин дьиэм аанын арыйан киирбит кыһалҕалаах киһини Айыыларым ыыталлар дии саныыбын. Онон ааным боруогун атыллаабыт киһини хайаанда көрөбүн, кыахпынан эмтиибин.
Сороҕор наһаа негативнай, хара санаа олохсуйбут дьоно кэлээччилэр. Кинилэртэн тыбыс-тымныы салгын хаарыйар курдук буолааччы. Оччоҕуна, мин тута аккаастаан кэбиһэбин.
Медицинскэй үөрэҕэ суох киһибин. Үөһээҥҥи Айыыларым ыйан, кэрдэн биэрэллэринэн дьоҥҥо туһалыы олоробун. Үтүөнү оҥорбутум оҕолорбор эргиллэн кэлиэҕэ диэн бигэ эрэллээхпин. Махтанар дьон элбэх. Сорохторун кытта билсибитим адьас ыраатта. Онон аймахтарым да курдук буолан хааллылар.
Кэнники сылларга хаартысканан көрөн эмтиир дьоҕурбун сайыннараммын, сытар дьон атахтарыгар турбут түбэлтэлэрэ баар.

— Бу кэпсэтэ олордохпутуна эйиэхэ туох санаалар кэлэллэрий?

— Үтүө үтүөнэн төннүөхтээх диэн принциптээхпин. Онон миэхэ көмө көрдүү кэлэр дьоҥҥо көмөлөһүөхтээхпин, атахтарыгар туруоран, Орто дойду олоҕунан өссө да уһуннук олороллоругар үлэлэһиэхтээхпин дии саныыбын.
Киһини көрөөт, бу киһи аурата хайдаҕын тута билэбин.

— Оттон өр эмтээбэтэххинэ, ис туругун хайдах буоларый?

— Ыарыһаҕы эмтиирбэр энергиям көҕүрүүр. Илбийэрбэр илиибин маастаан баран киһиэхэ чугаһыыбын. Тоҕо диэтэххинэ, сорох дьон аҥардас илиибинэн имэрийдэхпинэ тулуйбаттар, өйдөрүн сүтэрээччилэр.
Өр кэмҥэ эмтээбэтэхпинэ, дьэ хаатыйаланыы, хаайтарыы, энергия мустуута барар. Онон бэйэбин кэтэнэн көрөммүн, ити чааһын хонтуруолланабын.

— Киһи кэпсэтэ олоруох курдук…. Түмүккэр туох этэрдээххиний?  

— Икки атахтаах Аар айылҕабытыттан аһаан, тыынан олордохпут. Онон дьон тыаҕа, айылҕаҕа ыраастык, чэбэрдик сылдьалларыгар баҕарабын. Бу күн сиригэр туох барыта иэстэбиллээх буоларын өйдөөн, маһы-оту тоһуппакка, бэйэ кэнниттэн бөҕү хаалларбакка, харыстабыллаахтык сылдьыҥ диэн ыҥырабын. Биһиги тулабыт, мас, от, уу, сир барыта тыынар тыыннаах буоларын умнумаҥ!

P.S. «Орто дойдуга дьоҥҥор-сэргэҕэр көмөлөс, быыһал, абырал буол!»,- диэн айыллан кэлбит Людмила Никоновна – Айылҕалаана Хаан олорон кэлбит муҥур үйэтигэр төһөлөөх дьоҥҥо сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли үөскэппитэ, ыарахан ыарыыны кыйдаабыта буолуой? Ол эрээри, кини саха киһитин сиэринэн сүрдээх сэмэй буолан, үлэтин-хамнаһын, ситиһиитин, олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕатын ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат эбит. 17-с квартал икки этээстээх эргэ мас дьиэтигэр биир хостоох кыараҕас квартиратын аана кыһалҕалаах дьоҥҥо өрүү аһаҕас. Маннык айдарыылаах дьоммутугар үлэлиир, олорор усулуобуйаларын өссө тупсаран, кэҥэтэн биэрэр киһи, төһөлөөх үөрүүлээх түгэни бэлэхтиэ этибитий? Бу буолуо этэ, дьиҥнээхтии, үтүө үтүөнэн төлөнөрө диэн.

Екатерина Бястинова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ