Дойдубут бэйэ аһынан-үөлүнэн хааччыллыытыгар дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалар киллэрэр кээмэйдэрэ, кэм-кэрдии харгыстарыттан чаҕыйбакка, сылтан сыл улаатан иһэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол туһунан соторутааҕыта буолан ааспыт Арассыыйа бааһынай (пиэримэр) хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын (АККОР) XXXIV сийиэһин тырыбыынатыттан элбэхтик иһилиннэ.
АККОР тэриллиэҕиттэн сылы көтүппэккэ уонна булгуччу сыл саҥатыгар ыытыллар улахан түмсүүгэ дойду 71 эрэгийиэниттэн 700-чэ дэлэгээт сырытта. Ол иһигэр Саха сириттэн 32 дэлэгээти кытта былаас уорганнарыттан 3 ыҥырыылаах бэрэстэбиитэл кытыннылар. Барыта 14 улуустан талыллыбыт дэлэгээттэр ортолоругар 21 бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, 5 ТХПК салайааччыта, 6 улуустааҕы ассоциация бэрэссэдээтэлэ сололоох дьон бааллар. Бааһынайдартан 4 киһи (А.А. Худаев, В.В. Попова, Ф.К. Прокопьева, А.С. Жирков) ийэлэрэ-аҕалара олохтообуттарын, саҕалаабыттарын салгыы сайыннараллар. Граннаахтар элбэхтэр: 7 киһи “Саҕалааччы пиэримэр”, 2 киһи “Агростартап”, 8 киһи “Дьиэ кэргэн пиэримэтин сайыннарыы” куонкурустарын кыайыылаахтара.
Саха сиринээҕи ассоциация толорооччу дириэктэрэ, Арассыыйа тыатын сирин дьахталларын хамсааһынын эрэгийиэннээҕи бэрэссэдээтэлэ Зарема Бочкарева этэринэн, быйылгы сийиэскэ төһө кыалларынан эдэр, үлэлиир-хамныыр саастарыгар сылдьар пиэримэрдэри илдьэн кытыннарбыттар. Үлэлииргэ баҕалаах дьон бастыҥнары көрөн-истэн үөрэнэллэрэ, ылыналлара туһаттан атыны аҕалбата биллэр. Ол гынан баран, хомойуох иһин, граннары үбүлээһин кээмэйэ эбиллиэн оннугар сарбыллан иһэрэ эдэрдэр хаһаайыстыбаларын кэҥэтэн, салгыы сайдалларын кыпчыйар. Былырыын “Дьиэ кэргэн пиэримэтин сайыннарыы” гранын 13 бааһынай ылбыта, быйылгыга 12 киһи тиксиэхтээх. Онно үксүгэр өрдөөҕүттэн үлэлиир, кыахтарын ылбыт бөдөҥ хаһаайыстыбалар хапсаллара – баар көстүү.
“Гранынан өйөбүлгэ тыырыллар үп кээмэйин улаатыннарарга. Грант ылааччылар аһара элбэҕи отчуоттуулларын ирдиири аҕыйатыахха, түмүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрин көрүөххэ” диэн суруллар АККОР XXXIV сийиэһин уурааҕын (резолюциятын) 6-с пуунугар. Эрэдээксийэлиир хамыыһыйа сийиэскэ киирбит этиилэртэн сүүмэрдээн, чочуйан, докумуон бүтэһиктээх барыйаанын эрэгийиэннэргэ бу күннэргэ тиксэрдэ. Уураах барыта 37 пууннаах. Олортон, биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сыһыаннааҕын эрэ билиһиннэриэм.
Ол иннинэ сийиэскэ этиллибит чахчыларга, сыыппараларга тохтуохха. Тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлии сылдьыбыт, билигин Госдума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Гордеев Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сийиэс кыттыылаахтарыгар туһаайбыт эҕэрдэтин ааҕан иһитиннэрдэ итиэннэ АККОР дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары түмэр, кинилэр интэриэстэрин туруулаһар соҕотох тэриллии буоларын бэлиэтээн туран, дойдуга бүрүүкээбит сааҥсыйа уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кэмнэригэр тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларга сөптөөх өйөбүл оҥоһуллуохтааҕын ыйда.
Ааспыт 2022 сылга дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалар ыһыыларын иэнин 53 мөл. гектарга тиэртилэр, ол эбэтэр дойду үрдүнэн баар ыһыы иэнин 64 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Бөдөҥ уонна орто тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ 29 мөл. гектар ыһыылаахтар. Дьоҕустарга ынах сүөһү 70, ол иһигэр ыанньык ынах 72 бырыһыана иитиллэн турар. Бараан уонна коза 94,5 бырыһыанын кинилэр көрөллөр. Росстат дааннайынан, тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын улахан аҥаара (харчытыгар таһаардахха) дьоҕус хаһаайыстыбалар ирээттэригэр тиксэр.
“Биһиги пиэримэрдэрбит анал байыаннай эпэрээссийэ ыытылларын өйүүр буоланнар, бэйэлэрэ саа-саадах тутан дойдубут интэриэһин көмүскүү баралларын кэрэйбэттэр, – диир АККОР бэрэсидьиэнэ Владимир Плотников, – Бааһынайдар байыастарга уонна саҥа эрэгийиэннэр олохтоохторугар ас-үөл хомуйан ыытарга көхтөөхтүк кытталлар, Владимир Путин туруорбут стратегическай соруктарын толорууга эйэлээх даҕаны, байыаннай даҕаны кэмҥэ тирэх буолаллар, дойдуну аһынан-үөлүнэн хааччыйыы күүһү-кыаҕы түмтэххэ эрэ кыаллыан өйдүүллэр. Ол туоһута – 2022 сыл түмүгэ: бааһынай хаһаайыстыбалар 1 трлн 432 млрд. солкуобайдаах бородууксуйаны оҥордулар, 2007 сылтан 10 төгүл улаатыннарары ситистилэр”.Ааспыт сылга пиэримэрдэр эрэ ынах сүөһү ахсаанын эптилэр (+34 тыһ. төбө). Иллэрээ сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, туораахтаах култуураны 28, хортуоппуйу 13, оҕуруот аһын 7,3 %-нан улаатыннардылар. Бааһынай-пиэримэр хаһаайыстыбалара кэлиҥҥи 10 сылга бурдугу үүннэриини 3, подсолнечнигы 2,8 төгүл улаатыннардылар, ынах сүөһү ахсаанын 2,3 төгүл (1 676 тыһ. төбөнөн) эптилэр. Кэлиҥҥи 15 сылга бааһынайдар эрэ ыһыыларын иэнин 2 бүк кэҥэттилэр.
Ити гынан баран, 2022 сылы дойду пиэримэрдэрэ олус ыараханнык аһарбыттарын аһаҕастык этиннилэр. Ороскуоттара (тиэхиньикэ, сапчаас, үүнээйини харыстыыр сириэстибэлэр, сиэмэ, уоҕурдуу, о.д.а.) 30-70, сорох көрүҥнэргэ 200 бырыһыаҥҥа тиийэ үрдээбит. Элэктэриичэстибэҕэ кВт иһин 9-12 солкуобайы төлүүллэр. Ити кэмҥэ бурдук, арыылаах култуура, оҕуруот аһын атыылаһыллар сыаната тосту намтаабытын (2017 сыллааҕы таһымҥа диэри) ыйдылар. Ол түмүгэр элбэх хаһаайыстыба дохуотугар оҕустарбыт. Ыарахан түһээннэр бааһынай хаһаайыстыбалары таҥнары баттыыллар. Экэниэмикэ уустук быһыыга-майгыга киирбит кэмигэр ахсааннаах хаһаайыстыба субсидияҕа, чэпчэтиилээх кирэдьииккэ тиксэр. Холобур, батарыллыбыт бурдук туоннатыгар көрүллэр субсидия бааһынай батарбыт бурдугун сорох кээмэйигэр эрэ бэриллэр уонна маннык көмөҕө бааһынайдар 80 %-нара тиксэр кыахтара суох.
Бааһынай (пиэримэр) хаһаайыстыба буоларга юридическай сирэйи тэриммэккэ эрэ регистрациялатыы кыһалҕата быһаарылла илигэ атахтыыр. 74-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа уонна Сир кодексыгар уларытыы киллэриллибитин үрдүнэн пиэримэрдэр тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэригэр дьиэ тутталлара субъектар таһымнарыгар кыайан быһаарылла илик. Дьоҕус киэптээхтэр кэпэрээссийэлэһэн үлэлээһиннэрэ ситэ тэриллибэтиттэн бородууксуйаны батарыы харгыстанар. Маннык быһыыга-майгыга пиэримэрдэр, урбаанньыттар моҥкурууттаатахтарына, кинилэр сирдэрин тутан, атыылаһан ылан, бөдөҥ хаһаайыстыбалар туһаларыгар биэриэхтэрин сөп. Росстат дааннайынан, кэлиҥҥи 5 сылга бааһынай хаһаайыстыба ахсаана 21% аҕыйаабыт (2018 с. 205 тыһ. эбит буоллаҕына, 2022 с. – 161,9 тыһ.).
Түмүккэ АККОР XXXIV сийиэһин дэлэгээттэрэ бөдөҥ хаһаайыстыбалар (агрохолдиннар, корпорациялар, АУо-лар) уһун сыллар усталарыгар судаарыстыба туох баар өйөбүлүнэн туһанан атахтарыгар турбуттарын, бөҕөргөөбүттэрин, бэйэлэрин иннилэрин көрүнэр кыахтаммыттарын бэлиэтээн туран, дойдуга экэниэмикэ укулаата тосту уларытыллыаҕыттан көдьүүстээҕин, эрэллээҕин көрдөрбүт, итэҕэппит бааһынай хамсааһынын уонна атын дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбалары кэпэрээссийэ нөҥүө судаарыстыба урутатан өйүөхтээх тосхолун ылыннылар.Уураахха маннык боччумнаах туруорсуулар бааллар: дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбаларга тыырыллар судаарыстыба өйөбүлүн кээмэйин кинилэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар өлүүлэригэр тэҥнииргэ; ыһыы иэнин гектарыгар көрүллэр субсидия бүттүүн кээмэйин улаатыннарарга, онуоха баайар-ситимниир усулуобуйалары устарга; бырамыысыланнай уонна тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр элэктэриичэстибэ тарыыбын тэҥнииргэ; сэлээркэҕэ акциз хомуурун көтүрэргэ; үүт бородууксуйаны маркировкалааһыны усулуобуйата судургутутуллуор диэри тохтоторго; массыына-технология ыстаансыйаларын тэрийиини көҕүлүүргэ; дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбаларга чэпчэтиилээх инвесткирэдьииттээһин болдьоҕун 8 сылга диэри уһатарга; тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сир инвентаризациятын ыытарга; пиэримэр сиригэр дьиэ туттар кыахтанарын хааччыйарга; бааһынай-пиэримэр юридическай сирэй тэриммэккэ эрэ “урбаанньыт-бааһынай хаһаайыстыба баһылыга” буолар статуһун чөлүгэр түһэрэргэ о.д.а.
Ааптар: Василий Никифоров
Читайте нас в: