САХА СИРЭ. КЭБЭЭЙИ УЛУУҺА. КУЛУН ТУТАР 1 КҮНЭ — ULUS.MEDIA. Мукучутааҕы «Дайан» сынньалаҥ киинэ үгэскэ кубулуйбут «Күүстээхпин, кыахтаахпын…» кыра саллааттар күрэхтэрин ахсыс төгүлүн тэрийэн ыытта.
Быйылгы күрэххэ уһуйаан саастаах уонна алын сүһүөх кылаас кырачаан уолаттара, уопсайа уон икки буолан, алта түһүмэххэ икки бөлөҕүнэн илин-кэлин түһүстүлэр.
Кыра саастан бэйэ кыаҕын көрөн эрчиллэн уолаттарбыт бары да бэлэмнээх кэлбиттэр. Түү мээчигинэн сыал ытыы, скакалка, бириэмэҕэ муостаттан анньыныы, байыаннай таҥаһы таҥныы, самолет оҥорон көтүтүү, хааһы сиэһин бэрт түргэнник ааста.
Биир тыынынан ааспыт күрэхпит кыайыылаахтарынан «Кэнчээри» уһуйаан иитиллээччитэ Максим Павлов, ону тэҥэ Иван Егорович Левин аатынан Танара орто оскуолатын төрдүс кылааһын үөрэнээччитэ Коля Никифоров буоллулар. Иккис миэстэни Сеня Унаров, Кирилл Кычкин, үһүс миэстэни Костя Андросов, Эльдар Гурьев ыллылар.
«Күүстээхпин, кыахтаахпын…» кыра саллааттар күрэхтэрэ бэрт сэргэхтик, көхтөөхтүк тэрилиннэ. Уолаттарбытыгар мантан саас иллэҥ кэмнэригэр түү мээчигинэн сыалы табарга, скакалкалыырга, ону тэҥэ дьиэҕэ хааттаран олорбокко, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан хайыһарынан дьарыктаналларыгар сүбэлээтибит. Барыларыгар туйгун үөрэҕи, спорду өрө тутуҥ, дойдугутун таптааҥ, эһиилги күрэххэ диэри күн аайы эрчиллэн, кыайыыга эрэллээх кэлээриҥ диэн тарҕастыбыт. Кыайыы өрөгөйүн түгэннэрин хаартыскаҕа хатаатыбыт.
Вера Прокопьева
Читайте нас в: