САХА СИРЭ. Олунньу 28 күнэ — ULUS-MEDIA. Бэс ыйыгар Саха сиригэр ыҥырыа мүөтүн оҥоруу пилотнай бырайыагын саҥа сезона саҕаланар. Бырайыакка кыттыспыт дьоҥҥо ааспыт сыл холонон көрүү, күүһү-уоҕу уонна кыаҕы сыаналааһын быһыытынан барбыт буоллаҕына, быйыл бырайыагы иилээччилэр чопчу сыал-сорук туруоруналлар.
Кинилэр саҥа сезоҥҥа пасеканы тэрийэллэрин таһынан, экспиэрдэр көмөлөрүнэн ыҥырыаны көрүү-истии сүрүн сатабылын баһылыахтаахтар уонна көдьүүстээх үлэ түбүгүрүүтүн көҕүлүөхтээхтэр. Маны сэргэ ыҥырыаны хайдах кыстыкка бэлэмниири ырыҥалаан билиэхтээхтэр уонна онтон да атын ыйытыктарга хоруйдуохтаахтар. Кинилэр мүөтү хомуйууну атырдьах ыйыгар түмүктээн бородууксуйаларын бүтүн Арассыыйатааҕы мүөт дьаарбаҥкатыгар сүрэхтиир соруктаахтар. Бу кэннэ республика маҕаһыыннарынан тарҕатар былааннаахтар.
Саҥа сезоҥҥа үлэни көдьүүстээхтик саҕалыыр соруктан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар уонна экспорты өйүүр агентствота бэрт сэргэх көрсүһүүнү тэрийдэ. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас Сыымах нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ тустаах бырайыак биир сүрүн экспиэрин, идэтийбит ыҥырыа иитээччини Николай Сапаевы кытта көрүстүлэр.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Иннокентий Семенов кэлэр сезонтан олохтоохтор кэтэһиилэрин маннык этэр: «Бырайыагы Николай Сапаев көрөрүттэн-истэриттэн уонна ыҥырыаны кыстатарга бэйэтин уопутун үллэстэриттэн биһиги олуһун диэн үөрэбит. Тоҕо диэтэр, ортотунан 8-9 ый уһуннаах биһиги кыһыммытыгар ыҥырыаны тоҥорбот туһугар, аһын-үөлүн тэрийэргэ ураты билии ирдэнэр. Сезон саҕаланыытыгар Николай ыцырыалары аҕаларын туһугар билигин биһиги олохтоохтортон киирбит сайаапкалары бигэргэтэр түһүмэххэ сылдьабыт. Маны сэргэ араас өрүттээх тэрээһин боппуруостарын, үлэни тэрийии хаамыытын, араас боппуруостарга эппиэттээх сирэйдэр испииһэктэрин уонна да атын боппуруостары быһаарыстыбыт».
Удмуртияттан сылдьар идэтийбит мүөттээх ыҥырыалары иитээччи, бырайыак сүрүн экспиэрдэриттэн биирдэстэрэ Николай Сапаев, бэлэмнэнии үлэтин маннык сыаналыыр: «Билигин биһиги ыҥырыалар уйаларын бэлэмниибит уонна 250 ыҥырыа ыалы тэрийэр соруктан эбии төрүүр ыҥырыалары сакаастыыбыт. Бэс ыйын саҕаланыыта, сибэкки тыллан саҕалыыр кэмигэр улейдары Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр туруорар былааннаахпыт. Ол учаастакка үүнээйи чэлгийэн бүппүтүн кэннэ, улейдары сибэккинэн симэммит атын сиргэ көһөрүөхпүт».
Бырайыакка кыттыспыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторо саҥа сезоҥҥа көхтөөхтүк бэлэмнэнэллэр. 50-чака саҥа саҕалааччы мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр бэлэмнэнии чэрчитинэн ыҥырыаны иитини ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэтэллэр. Ол иһигэр ыҥырыаны иитээччилэр ыҥырыаттан эмиэ элбэҕи үөрэннэллэр. Ол курдук ыҥырыаны хайдах көрөргө-истэргэ, хайдах өйдүүргэ үөрэнэллэр. Николай Сапаев холобур быһыытынан бэйэтин уопутун үллэстэр: «Биир сиргэ элбэх ыҥырыа мустар буоллаҕына үлэлэрин элбэтэр тоҕоостоох, эбэтэр улейы улаатыннарар ирдэнэр. Тустаах үлэни ыыппатаххына уйалара кыараҕаһа бэрдиттэн ыҥырыалар күрэнэ сатыахтарын сөп». Идэлээх уонна уопуттаах дьон билиитэ-көрүүтэ саҥа саҕалааччыларга олуһун туһалаах. Экспиэрдэр сүрүннээн уопуттарын үллэстэллэрин таһынан, сатабылларын практикаҕа эмиэ көрдөрөллөр.
Саҥа саҕалааччы ортотунан 30-40 ыҥырыа уйатын сөптөөхтүк көрүөн-истиэн сөп. Ол иһин бырайыакка кыттыспыт олохтоох дьон, 30 ыҥырыа уйатын кытта үлэлиэҕэ. 3-5 сыл устата ыҥырыа иитиитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэттэҕинэ, хаЬаайыстыбатын 70-100 улейга тиийэ улаатыннарар кыахтанар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар уонна экспорты өйүүр агентство салайааччыта Анна Стручкова этэринэн, регийиэҥҥэ идэтийбит ыҥырыаны иитии хаһаайыстыбатын сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын тиһигин тэрийиигэ көмөлөһүөҕэ. Республикаҕа сүөһү аһылыгыр анаан 600 га сиргэ люцернаны ыһары былаанныыллар. Иннэ гынан тыа хаЬаайыстыбатын икки хайысхатын: хороҕор муостааҕы уонна мүөттээх ыҥырыаны иитиини көдьүүстээхтик өйөөһүн барар. Ыҥырыа көхтөөхтүк куоппастааһына сүөһү үүтүн ахсааныгар уонна хаачыстыбатыгар дьайар. «Саха сиригэр ыҥырыа иитиитин сайыннараммыт биЬиги тустаах улуустарга үүт көрдөрүүтүн үрдэтэргэ көмөлөһөбүт. Ити бэйэтэ кэминэн, регийиэн сайдарыгар көмөлөһөр экосистеманы тэрийиэн сөп диэн эрэнэбит», — диэн Анна Стручкова эбэн эттэ.
Сезон түмүктэниитигэр бырайыак кыттааччылара мүөт хаачыстыбатын туоһулуур лабороторнай боруобалары тутууну булгуччулаах соругунан көрөллөр. Ыҥырыа иитээччилэр органическай эрэ ньымалары туһанар соруктаахтар. Онон мүөт хаачыстыбатын сыаналааһынтан элбэҕи күүтэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин чилиэнэ Людмила Николаева этэринэн, мүөт састааба экологичнай буолара олус улахан суолталаах: «Хаачыстыбалаах ас-үөл – биьиги доруобуйабыт төрдө. Өскөтүн экологическай ыраас аһы-үөлү оҥорон таһаарар кыахтаах буоллахпытына, ону оҥорон таһарыыга олоҕурдуохтаахпыт. Биһиги олус ураты айылҕалаахпыт. Ыҥырыаны иитии дьиэ кэргэммит уонна чугас дьоммут доруобуйатын туһугар кыһамньыланан тэриллиэн сөп».
Кэлэр сезон күүстээх түбүктээх буолара күүтүллэр. Бырайыак тэрийээччилэрэ сыаналыылларынан, биир ыҥырыа ыала быһа барыллаан 20 киилэ мүөту оҥоруон сөп. Оччотугар, үөскээбит ороскуоттары 2 сыл иһигэр толуйуохха сөп буолуо. Онтон кэккэ улуус олохтоохторо, уопуттарын уонна билиилэрин-көрүүлэрин эрэллээхтик үрдэтиэхтэрэ.
Республикаҕа ыҥырыа мүөтүн оҥоруу киинэ 2022 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын иһинэн Олох уйгутун тупсарыы уонна бигэтик, туруктаахтык сайдыы сүбэтин чилиэнэ Людмила Николаева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инвестицияны тардар уонна экспорты өйүүр агентствотын кеҕулээһиннэринэн уонна «Туймаада» агрохолдинг кыттыылаах тэриллибитэ. Удмуртияттан сылдьар идэтийбит ыҥырыа иитээччилэр ини-бии Николай уонна Александр Сапаевтар сүбэ-ама биэрэн уонна бырайыагы тэрийсэн көмөлөһөллөр. Санатан эттэххэ, Саха сиригэр ыҥырыа мүөтун оҥоруу киинин тирэх пууннарынан Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарын 4 нэһилиэгэ талыллыбыта.
ULUS.MEDIA
Читайте нас в: