Кубулҕаттаах кулун тутарга хайдах халлаан күүтэрий?

САХА СИРЭ. ОЛУННЬУ 27 КҮНЭ — ULUS.MEDIA. Дьөһөгөй сылын бэйэтин ыйа айаннаан аарыгыран иһэрэ, бэлиэр, билиннэ. Дэлэҕэ, өбүгэлэрбит кубулҕаттаах кулун тутар диэхтэрэ дуо. Дойдубут илин өттүттэн арҕаа балаһатыгар тиийэ хаардаах ала буурҕа ытыйда. Бу күннэргэ уонна үүнэр ыйга хайдах халлаан туруой?

Метеорологтар элбэх сөҥүү (хаар, ардах, инчэҕэй хаар) түмүгэр халтараан буолуо, күүстээх тыал түһүө диэн эрдэ сэрэппиттэрэ. Бэҕэһээ, олунньу 26 күнүгэр, Санкт-Петербургтан Москубаҕа барар “Нева” М-11 айан суолун 502-с килэмиэтиригэр, Новгород уобалаһын сиригэр-уотугар 32 массыына харсыһан, 4 килэмиэтир уһуннаах “бүө” үөскүү сырытта. Улахан саахалга 1 киһи тыына быһынна, 12 киһи, ол иһигэр 1 оҕо, эчэйдилэр.

Бэл, Арассыыйа Хара Муоратааҕы куруортара үрүҥ хаарынан бүрүлүннүлэр. Бу күннэргэ аны Хотугу Атлантикаттан циклон кэллэ диэтилэр. Тымныы салгын сылыйан, балысханнык ардыа, хайалаах өттүгэр инчэҕэй хаар түһүө, сөкүүндэҕэ 15-18, Джугба – Туапсе, Анапа – Геленджик оройуоннарыгар 20-25 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа, хайа хаара сууллуон сөп диэн сэрэттилэр. Ааспыт нэдиэлэ бүтэһик күннэригэр уонна бу үүммүт нэдиэлэ саҥатыгар ыйдааҕы нуорманы 1,5 төгүл куоһарар сөҥүү түһэрин синоптиктар сабаҕалыыллар.

Биһиэхэ, Саха сиригэр, эмиэ халлааммыт дьиктилэрин көрдөрөр. Бэҕэһээ Өлүөхүмэ Кыыллаах Арыытыгар сарсыарда 10 чаас саҕана халлааҥҥа этиҥ эппитин, чаҕылҕан чаҕылыйбытын сүөһүлээх дьон хотонноругар сылдьан, истибиттэр-көрбүттэр. Өлүөхүмэҕэ термометр кэрдииһэ -5-кэ диэри тахса сылдьыбыт буоллаҕына, Алдан Томмотугар 1 кыраадыска диэри сылыйа сырытта. Булуҥ уонна Анаабыр туундараларыгар сөкүүндэҕэ 12-14, күүһүрэр кэмигэр 19 миэтэрэ түргэннээх тыал иһиирэ-улуйа ытыллар.

Олунньу бүтэһик икки уонна кулун тутар бастакы 10 күннэригэр салгын температурата түүнүн -25-тэн -39-ка диэри халбаҥныа, күнүһүн -16-тан -28-ка диэри тахсыа. Ити ыйыллар кэрчик кэмҥэ“тымныы оройо” кулун тутар 2 күнүгэр, чэппиэргэ, бэлиэтэнэр: түүнүн -39, күнүһүн -28. Онтон өрөбүлгэ, кулун тутар 5 күнүгэр, халлаан дьыбара таҕыстаҕына, күнүс -10 кыраадыс буолуоҕа. Ити сылыйыы быстах кэмнээх. Халлааммыт сылыйа охсубат, сыгынньахтанарга-сыбыдахтанарга аһара ыксаамаҥ.

Баһылай Таммахсыт (13.03) уонна Дьэбдьэкиэйэ (14.03) саҕана салгын балачча сылыйан ылара сабаҕаланар. Ол курдук, ити күннэргэ күнүс -3 уонна -2 кыраадыһы көрдөрөр. Онтон эмиэ сыыйа сөрүүдүйэр. Кулун тутарга итинтэн ордук сылаас күннэри күүтүмэҥ. Сөрүүн күннэр муус устар 12 күнүгэр диэри салҕанан барыахтара. Чуолаан, кулун тутар 20 күнүн кэтээн көрүҥ: ити күн сылыйдаҕына – 40 хонук сылыйар, тымныйдаҕына – тымныы түһэр, саас уһуур.

Ый 31 хонугуттан 21 күнүгэр сөҥүүлээх. Ити иһигэр кулун тутар 4-гэр 3,7 мм, 11-гэр 2,6 мм, 12-гэр 4,5 мм халыҥнаах хаар түһэрэ сабаҕаланар. Бу бэлиэтээһиммэр GISMETEO Дьокуускай куоракка уонна киин улуустарга сыһыаннаах дааннайдарын туһанным. Киин куорат уулуссаларын, тэлгэһэлэрин ыраастааччыларга үгүөрү үлэ тосхойууһу. Тэрилтэлэр, уокуруктар, хомунаалынай хаһаайыстыбалар салайааччылара таас уораҕайдар үрдүлэриттэн хаары бырахтарарга тиэтэйбэккит ордук буолуо, оттон иккистээн-үһүстээн төлүүргүтүн кэрэйбэт буоллаххытына, бэйэҕит көҥүлгүт. Быйыл саас-сайын хаартан уу кэлиэ дуо? Ону туспа сырдатыахпыт.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ