САХА СИРЭ. ДЬОКУУСКАЙ. Олунньу 22 күнэ — ULUS.MEDIA. Таналҕаннаах Таатта үрэх үрдүгэр Суорун Омоллоон тэрийбит “Таатта” литература уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусство түмэлигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи муус оҥоһуктар күрэхтэрэ саҕаланна. Быйылгы күрэҕи “Үлэ эйгэтигэр” диэн ааттаан, Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Үлэ, дойдуга Педагог уонна уһуйааччы сылларын кытта ситимнээтилэр. Таатта, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар улуустарыттан 9 мууһунан оҥорор маастардар кытталлар.
Үгүс сыл устата Уолба оскуолатыгар учууталынан үлэлээбит Василий Попов бу күрэххэ үсүһүн кыттар. Кини быйыл биир интэриэстээх уус уолаттарын Иван Боппосовы уонна Семен Рахлеевы илдьэ кэлбит:
“Педагог сылынан үлэбэр учуутал уонна үөрэнээччи уобарастарын эскизтээн кэллим. Уолбалар былырыын эмиэ нэһилиэкпитигэр муус күрэҕин тэрийбиппит, онон эдэр кыттааччылар элбээн, улууска кыралаан кыттан эрэллэр”.
Оттон былырыыҥҥы күрэх муҥутуур кыайыылааҕа, аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы “Северное сияние-2023” күрэх II миэстэлээх дипломана, Мэҥэ Хаҥалас тарбахха баттанар ууһа Дьулустаан Марков муус оҥоһугу оҥорор уолаттар олус түмсүүлээхпит диэн санаатын үллэстэр.
“Таатта муус, мас ууһа Василий Тистяхов былырыын Мэҥэ Хаҥаластан миигин, Үөһээ Бүлүүттэн Леонид Афанасьевы ыҥыртаан кытыннарбыта. Василий билигин төһө да анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сырыттар, бу күрэххэ кыттааччылары дойдутугар көҕүлүүр, түмэ-салайа сылдьар”, — диир Дьулустаан.
Кини сыл аайы күрэх таһыма үрдээн иһэрин бэлиэтээтэ: “Муус оҥоһук сайдыбыт регионнарыттан, Хабаровскай, Красноярскай курдук сирдэртэн кыттааччылары ыҥыран, маастар кылаастары ыыттаран, Саха сирин муусчуттара сатабылбыт сайдан иһиэ этэ”.
Ити курдук үлэни өрө туппут, айар-тутар дьоҕурдаах эр дьоммут тымныыттан толубакка түмэл кэрэ көстүүтүн тупсараллар. Үлэ түгэннэриттэн хаартыскалары салгыы көрүҥ!
Александра Постникова
Читайте нас в: