Норуот трагедията: Ильмень күөлгэ кыргыһыы

Ильмень күөлгэ кыргыһыы, broneboy.ru саайтан

1943 сыл олунньу 23 күнэ үүнэр силлиэлээх түүн 3-с уонна 19-с, үксүн сахалар сулууспалыыр биригээдэлэрэ, туох баар бойобуой сэптэрин-сэбиргэллэрин сүкпүтүнэн, хайыһарынан Ильмень күөлү туоруур сыаллаах-соруктаах марш-бросок оҥорбуттара. Бу биригээдэҕэ 597 саха баара.

8 чаас сарсыарда биригээдэ холуоннатын үрдүнэн немецтэр разведкалыыр самолеттара көтөн ааспыта. 9 чааска халлааны 32 “Хейнкель” уонна “Юнкерс” бомбардировщиктар уонна истребителлэр толорон кэбиспиттэрэ. Күнү быһа солбуйса-солбуйса буомбалааһын, утары биэрэктэн артиллерия уонна миномет эстиитэ, пулемет уота төбөнү өрө көтөҕөр кыаҕы биэрбэтэхтэрэ. Урут былдьаан ылбыт дэриэбинэлэртэн килэгир мууска төттөрү үүрүллэн киирии буолбута. Бу ынырык кыдыйыыга биригээдэ састаабын аҥара урусхалламыта, өлөрүллүбүтэ. Күн иккис аҥарыгар утары кимэн киирии тэриллэ сатаабыта да, снаряд, мина эстиититтэн, буомба тоҕута тэбиититтэн муус хайыта барбыта, улахан чардааттар тахсыбыттара — дьон бөҕө өлбүтэ, муус анныгар барбыта.

Сарсыныгар 19-с хайыһар биригээдэ ордубут саллааттара уонна резервэттэн киллэриллибит буойуттар Взвад диэн дэриэбинэни босхолуур сыаллаах эмиэ атаакаҕа туруммуттара. Бу олус күүскэ бөҕөргөтүүлээх, туруору сыыр үрдүгэр баар дэриэбинэ этэ. Сыыр устун электротоктаах хатыылаах боробулуоха тардыллан, сыыр эниэтэ уу кутуллан халтархай, киһи кыайан тахсыбат мэһэйигэр кубулутуллубута. Ону ол диэбэккэ, биһиги дьоммут атын сиринэн тоҕо көтөн, Взвады соҕуруу-арҕаа хайысханан көҥү көтөн былдьаабыттара.

Онтон салгыы олунньу 27 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри немецтэр Балагижскайдааҕы обороналарын кимэн киирэ сатаабыттара да, соччолоох түмүгэ суох бүппүтэ. Ити ый 10 күнүгэр сэниэтэ эстибит, личнэй састаабыгар бэрт аҕыйах киһи хаалбыт биригээдэ ыһыллыбыта, саллааттара атын чаастарга утаарыллыбыттара.

Ильмень күөлгэ буолбут аҥардас бастакы икки күннээх кырыктаах кыдыйыыга Саха сириттэн барбыт 227 киһи суорума суолламмыттара. Сураҕа суох 135 киһи сүппүтэ. Власовецтарынан уонтан тахса киһи билиэҥҥэ ылыллыбыта. Онон, барыта 380-ча, сүрүннээн, Чурапчы, Таатта, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Өлүөхүмэ уонна Горнай оройуоннарыттан ыҥырыллыбыт эдэркээн уолаттар тыыннарын Ийэ дойду көҥүлүн иһин толук уурбуттара.

Саха сирэ уонна Новгородскай уобалас Старай Русса куората өлбүт саха буойуннарын албан ааттарын умнубаттар. Дьокуускайга Ильменьскай уулусса баар, оттон Старай Руссаҕа — Саха буойуннарын аатынан уулусса.

1968 сыллаахха сэтинньи 20 күнүгэр Ильмень күөл аттыгар Буреги уонна Солобко дэриэбинэлэр икки ардыларыгар Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателэ А.Я. Овчинникова салайааччылаах делегация саха саллааттарыгар аналлаах таас өйдөбүнньүгү туруорбута, Саха сириттэн илдьэ кэлбит буордарын өйдөбүнньүк буоругар холбообуттара, Өлүөнэ эбэ уутун Ильмень күөлгэ куппуттара.

2000 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр Ытык Ильмень кытылыгар ураһаны майгыннатар монумены үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыттара. Ураһа иһигэр гранит билиитэлэргэ бу кыргыһыыга охтубут саллааттар ааттара суруллан үйэ-саас тухары хаалбыта.

2005 сыллаахха Дьокуускайга Ильменьскай уулуссаҕа сэттэ туруйалаах монумент туруоруллубута, “Туруйалар Ильмень күөл үрдүнэн” диэн киинэ уһуллубута. Сценарийын суруйааччы Е.П. Неймохов, туруорааччы-режиссер Н.И. Аржаков, туруорааччы-оператор И.И. Аммосов, ”Сахафильм” национальнай кинокомпания директора С.Н. Сивцев СР Президенин ыйааҕынан П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреаттарынан буолбуттара.

Маны сэргэ биллиилээх поэт Сергей Васильев “Ытык Ильмень” диэн балладаны суруйбутун, Алексей Бурцев сэлии муоһуттан биир дойдулаахтарын хорсун быһыыларын көрдөрөр композицияны оҥорбутун, Дмитрий Петров “Сахалар Ильмень күөлгэ кыргыһыылара” диэн сахалыы-нууччалыы тылларынан кинигэни суруйбутун, билигин да саха дьоно Старай Руссаны кытта сибээстэри быспаттарын, сотору-сотору делегациялар баралларын  санатыах тустаахпын.

Николай Петров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ