“Мохсоҕоллору” уһуйааччы Сергей Ксенофонтов

САХА СИРЭ.  Олунньу 21 күнэ — ULUS.MEDIA. Саха киһитэ барахсан былыр былыргыттан киэҥ халлаан киэлитигэр кыырайа көтөр сырдык ыралааҕа. Ол улуу олоҥхобутугар олус үчүгэйдик ойууланар. “Үөһээ күөрэйэн таҕыста, кулҕааҕа чуҥкунаата, көтөн куугунатта…”, “Алаастар – үрэхтэр аллараа хааллылар, бухатыыр киһи көтөн күпсүйэн истэ…”

Онтон ааспыт үйэ иккис аҥарыттан лүөччүк, космонавт буолуон баҕарбатах оҕо арааһа сэдэх буолуо. Оччолорго Бүтэй Бүлүү эбэ түҥ ойуурун быыһыгар саһан сытар нэһилиэнньэ киин сирдэри кытта сибээһэ көтөр аал көмөтүнэн эрэ толоруллар буолбута. Ол курдук сэлиэнньэлээх сирдэргэ АН–2 сөмүлүөт түһэр былаһааккалара оҥоһуллубуттара. Оройуон киинигэр оччолорго улахан АН– 24 самолеттар дьону, араас таһаҕаһы таһан быыстала суох көтөллөрө. Ону көрө – көрө кыракый уолаттар: “Мохсоҕолго маарынныыр модун дьулуур айаннаах, мин  лүөччүк буолуом, мин баҕам туолуо”, диэн ыра санааларын ырыа гынан ыллыыллара.

Ол уолаттартан биирдэстэрин туһунан, бүгүҥҥү атах тэпсэн сэһэргэһиибитин сэргэҕэлээҥ. Ыалдьыппыт Дьокуускайдааҕы авиационнай училище инструктора Ксенофонтов Сергей Васильевич.

Сергей Васильевич, кэпсиэ, хантан хааннаххын, кимтэн кииннээххин?

— Төрүт өбүгэ үгэһинэн эттэххэ: Кэпсээн кэмчи, эн кэпсиэ (Күлэр) ити курдук кэпсэтиибит тимэҕэ сөлүннэ:

—  Хааным – аҕам, Ксенофонтов Василий Саввич, Сургуулук киһитэ. Кииним төрдө билигин суох буолбут, Аһыкай диэн нэһилиэктэн төрүттээх, ийэм – Кривогорницына Наталья Васильевна диэн. Бэйэм оччолорго төрөппүттэрим олорбут, үлэлээбит, алаһа дьиэни туттубут сирдэрэ. Бүлүү хаҥас эҥэригэр орто оскуолалаах, улахан нэһилиэк – Далыр. Дьонум саха норуотун ахсаанын 12 киһинэн эппит, улахан дьиэ кэргэннэригэр мин тохсус оҕонон күн сирин көрбүппүн. Аҕам Аҕа дойдуну көмүскүүр Аан дойду иккис ардьархайдаах сэриитигэр уоту-ууну ортотунан сылдьан, араанньылаах эргиллибит, аппыһыар. Үөрэнэн баһылаабыт идэтинэн учууталлаан,  дириэктэрдээн уһуннук Далырга үлэлээбитэ. Күн күбэй ийэбит барахсан Далырдарга “Сирдээҕи Аанньал” диэн ытыктанар аатынан биллибит оҕо көтөҕөөччү, биэксэл идэлээҕэ.

Түбүктээх үлэтинэн, улахан дьиэ кэргэн дьаһалынан көрүүтүнэн – истиитинэн муҥурдаммакка, бастыҥ уопсастыбаннык, актыбыыс буоларын билигин дьиэ кэргэн архыыбыгар хараллар дьопутааттабыт киниискэлэрэ кэрэһэлииллэр. 1968 сыллаахха Москва куоракка  Бүтүн  сойуустааҕы эмчиттэр  профсойуустарын  14 сийиэһигэр, үрдүк трибунаттан: “Саха сирин киэҥ киэлитигэр  сөптөөх суһал көмө оҥоһулларыгар, уталыппакка “Суһал көмө” массыыналара наадаларын” туруорсубутунан киэн туттабыт.

Чахчы дьоруой ийэттэн төрөөн, элбэх убай күүстээх, ийэни солбуйбут соҕотох эдьиий такайыыларынан, мээнэ саха баһылаабат сэдэх, суолталаах  идэтин баһылаатаҕыҥ. Быһата лүөччүк буоларга баҕа санаа хаһааҥҥыттан үөскээбитэй ?

— Улахан убайым Вася аан бастаан бөртөлүөт конструктарын кэһиилэнэн кэлбитин бу баардыы өйдүүбүн, олус диэн үөрбүтүм. Салгыы дьиэбитигэр пароход, араас самолеттар макеттара баар буолбута. Ол барыта эдьиийбит, убайдарбыт кэһиилэрэ этэ. Онон өссө алын кылааска үөрэнэ сылдьан араас самолет макетын ордук АН-2 фанеранан оҥостон оонньуур идэлэммитим.

— Бииргэ төрөөбүттэриҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуу?

— Уон икки буолан күн сирин көрбүппүтүттэн биир эдьиийбит кыра эрдэҕиттэн ыарахан ыарыынан ыалдьар буолан эрдэ олохтон туораахтаабыта. Онон 11 киһи бары улаатан, араас идэлэри баһылаан, үгүспүт билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор саастаахпыт да буоллар, кыахпыт баарынан үлэлии – хамсыы сылдьабыт. Бары дьилээх — уоттаах быр бааччы ыал дьоммут. Улахан убайбыт Василий физик идэлээҕэ, Мииринэйгэ олорбута, билигин оҕолоро, сиэннэрэ олоҕун салгыыллар. Володя-Россияҕа тарбахха баттанар  композитор, СР искусствотын уонна культуратын  үтүөлээх үлэһитэ, икки оҕолоохтор. Саша РФ Саппааска олорор полковнига, кыргыттардаах. Эдьиийим Наташа библиотекарь идэлээх, икки уоллаах, сиэннэрдээх. Валерий Киевкэ физкультурнай институту бүтэрбитэ, көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, СР үтүөлээх тренерэ, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Анатолий физкультура учуутала. Виктор Омскайга үөрэнэн судмедэксперт идэтин баһылаан биир биллэр криминалист аатырбыта. Кэлин Дьокуускай куорат судьуйатынан үлэлээбитэ, оҕолордоох сиэннэрдээх. Георгий авиатор, “Инженер техник воздушных судов” идэлээх.

Ыһыллыы кэмигэр “АЛРОСА-Нюрба” акционернай хампаанньаҕа көһөн үлэлии сылдьар, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Юрий математик идэлээх оҕолордоох, сиэннэрдээх. Леонид Мирнэй Арыылааҕар инженер электригинэн үлэлиир. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ 12 оҕо иитиллибиппит. Бииргэ төрөөбүттэртэн иккибит оҕото суох аймахтарбытыгар иитиллибиттэрэ. Ол оннугар аҕабыт бииргэ төрөөбүтүн тулаайах хаалбыт икки оҕолоро биһигинниин бииргэ иитиллэн улааппыттара. Трофим – гидролог идэтин баһылаабыта, оҕолордоох, сиэннэрдээх. Ирина Тимирязовканы бүтэрэн экономист идэтин баһылаан СР Правительствотыгар департамент начальнига, оҕолордоох, сиэннэрдээх.

Биһиги бары ити курдук Ийэ дойдубутугар иитиллибит иэспитин чиэстээхтик төлөөтүбүт. Саҥа көлүөнэ Ксенофонтовтартан Леонид Трофимович математическай наука доктора, Павел Валерьевич Ил Түмэн  дьокутаата, Ксенофонтовтар төрүт араспаанньабытын киэҥник ааттатар дьон буолан эрэллэрэ кэнчээри ыччаппытыгар эрэлбитин  улаатыннарар.

Киһи эрэ сөҕүөх киэн туттуох ыччаттар тэнийбиккит, этэҥҥэ сылдьыҥ. 13 оҕо бары атын — атын киин куораттарга үөрэнэн араас идэни баһылаабыккыт. Эн бэйэҥ ханна үөрэнэн бу сэдэх идэни баһылаатыҥ?

Выборгдааҕы авиатехническай училищены бүтэрэн салгыы Санкт – Петербурга авиационнай академияҕа үөрэнэн АН-24, ТУ – 154 сөмүлүөттэргэ борт  механигынан  үлэлээбитим. 2015 сылга дылы “Саха авиа” АК, “Полярные авиа линии” АК көппүтүм. Билигин Дьокуускайдааҕы Авиационнай училищеҕа инструктордыыбын.

Үлэлиир кэмҥэр киэҥ куйаарга сылдьан  туох эмэ ыксаллаах, өйгө хаалбыт түгэн баар дуу?

— Биллэн турар араас баар буоллаҕа. Ол эрэн кими да сөмөлүөт салонугар төрөппөтөхпүт (күлэр), ол оннугар икки төгүл биирдэ ТУ- 154 сөмөлүөтүнэн Москва-Нерюнгри көтөн иһэн иккис мотуорбут аккаастаабытыгар суһал, сөптөөх быһаарыныы ылыныллан этэҥҥэ аалбытын сиргэ олордубуппут. Эмиэ ити курдук 2006 ссыллаахха АН-24 сөмөлүөппүт аккаастаан хата этэҥҥэ Чокуурдаахха төннөн сири булбуппут. Итинник түбэлтэ ханна баҕарар баар буолар.

— Эһигини кэргэҥҥиниин иккиэн гражданскай авиация бэтэрээннэрэ дииллэр дии, баһаалыста дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуу?

— Чахчы, кэргэним эмиэ авиатор. 1982 сыллаахтан үлэлиир. Бастаан  үлэтин Дьокуускайга авиаперевозкаҕа саҕалаабыта. Билигин “Директор филиала Агенства Авиакомпании, “Полярные авиалинии” диэн дуоһунаска  үлэлии сылдьар. Уопсайа 41 сыл үлэлээбититтэн быһаччы эттэххэ 22 сылын салайар эйгэ үлэһитэ. Икки уол оҕолоохпут, сиэннэрдээхпит.

Киһи сааһырдаҕын аайы аатынан – суолунан байан иһэр дииллэр, кэпсии түс эрэ

Кэргэммиттэн саҕалыах. Кэргэним Ксенофонтова Валентина Владимировна, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх: “Заслуженный работник транспорта Якутии,” Почетный работник Воздушного транспорта РС(Я) , “Почетный работник авиакомпании “ Полярные авиалинии” диэн ааттаах — суоллаах. Онтон бэйэм киэннэрэ: “ Почетный работник Воздушного транспорта РС(Я), Ветеран труда Авиации Якутии, Медаль им. Кузьмина, им. Покрышкина”, “Победитель 11 пятилетки СССР”. Бу олох соторутааҕыта гражданскай авиация 100 сылынан түөскэ кэтиллэр үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаланныбыт.

 Түмүгэр төһө да мин лүөччүктэри үөрэппэппин диэн кэмчиэрийдэргин Мохсоҕоллуу көтөр баҕа санаалаах уолаттарга тугу этиэҥ этэй? Уонна училищеҕытыгар билиҥҥи туттарсан киирии туругун туһунан бэрт кылгастык.

— Уолаттар, мохсоҕоллор, билигин да көтөргө баҕалара баһаам. Дьэ, ол эрэн ордук куорат оҕолоругар доруобуйалара мөлтөөбүтэ мэһэй буолар. Тыа оҕолоро өссө син доруобуйаларынан барсаллар. Сыллата ахсын училищеҕа туттаран киирэн үөрэниэн баҕалаах элбиир, биирдии миэстэҕэ 5-6 буолан  анньыһаллар.Үөрэх ирдэбилэ олус үрдүк, точнай наукаларга наар туйгун сыана ирдэнэр. Аныгы үйэҕэ, сайдыылаах дойдуларга киһитэ, лүөччүгэ суох сөмөлүөттэр киэҥ халлаан урсунан кыырайа көтөллөр. Ол эрэн киһи барахсан киэҥ халлаан киэлитигэр күөрэйэн тахсан Ийэ сирин ытыһыгар ылан тутун олорон таптыырыгар тэҥнээх кэрэ туох баар буолуой?!

Саха уолаттара, саха хотойдоро кытаатыҥ Ийэ сиргитин таптааҥ ким да буолбуккут иһин Саха Саарыннара аатырыҥ!

—  Махтал! Сергей Васильевич, эн олоҕуҥ ыраах тыа сиригэр олорор, элбэх оҕолоох ыал оҕолоро эгэлгэ үөрэҕи баһылаан, араас омук ааттаахтарын кытта тэҥҥэ хаамсан иһии тыыннаах туоһута эбит. Этэҥҥэ буолуҥ.

Сэһэргэстэ Валентина Осипова, Ороһутааҕы К.С. Чиряев аатынан Норуот педагогикатын түмэлин мэтэдииһэ. Үөһээ Бүлүү — Дьокуускай  

Читайте нас в:

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ