Ийэ тылбытын хайдах харыстыыбыт?

САХА СИРЭ. ДЬОКУУСКАЙ. Олунньу 14 күнэ — ULUS.MEDIA. Мин саха буолан Саха сиригэр төрөөбүппүнэн, сахалыы саҥарарбынан, сахалыы толкуйдуурбунан, сахалыы ааттаахпынан киэн туттабын. Саха омуга аар саарга аатырбыт улуу түүр омук төрдө буоларынан, ийэ тылбыт түүр омук тылын төрдө буоларынан киэн туттабын!

Мин киэн туттабын Түүр омуктартан маҥнайгынан латыын алпаабытынан кинигэ таһаарбыппытынан, Сэмэн Новгородов алпаабытын Турцияны тэрийбит Турция Президенэ Мустафа Кемаль Ататюрк турецкай алпаабыты оҥороругар туһаммытынан киэн туттабын. Улуу Суорун Омоллоон Библияны саха тылынан тылбаастаабытынан мин киэн туттабын!

Билигин аан дойдуга 7200 тыл баарыттан ыйга иккилии тыл бу орто дойдуттан сүтэн иһэрэ Тыл тыынар тыыннаах буоларын өссө төгүл бигэргэтэр.

Элбэх тургутууну этэҥҥэ туораабыт өбүгэлэрбитинээн биһигини ситимниир ийэ тылбытын хайдах харыстыыбыт? Мин санаабар, хас биирдии саха киһитэ сахалыы ааттаныахтаах, сахалыы аат суолтатын, киһи олоҕор дьайыытын сөпкө өйдүөхтээхпит. Хас биирдии уол оҕо элбэх оҕолоох ыал аҕата буоларга дьулуһуохтаах, хас биирдии аҕа хос эһээ буоларга дьулуһуохтаах, хас биирдии ийэ хос эбээ буоларга дьулуһуохтаах. Оччоҕо эрэ ахсаан өттүнэн элбиир кыахтаахпыт. Оччоҕо эрэ утум салҕанан барыа.

Оҕолор төрөппүттэрин ийэ, аҕа диэн ыҥырыахтаахтар, хас биирдии саха ыала сахалыы кинигэлэри, олоҥхолору ааҕыахтаах. Бу дьарык үтүө үгэскэ кубулуйуохтаах. Төрүт үгэстэрбитин оҕолорбутугар сыһыарыахтаахпыт. Көрдөрөр иһитиннэрэр эйгэлэргэ үлэлиир дьоммут ыраастык, сөпкө сахалыы саҥарыахтаахтар. Үрдүк дуоһунастарга сахалыы, нууччалыы билэр, ыраастык саҥарар эрэ дьон үлэлиэхтээхтэр.

Айхал Габышев, Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта,

элбэх оҕолоох ыал аҕата

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Отдых Обо всём Мир Культ