Эбээн Бытантай улууһугар киин балыыһа саҥа тэриллэринэн хааччылынна

Эбээн Бытантай улууһугар К.А. Серебрякова аатынан улуустааҕы киин балыыһаҕа утуу-субуу икки сөмөлүөтүнэн саҥа тэриллэр — маммограф, дуограф, флюорография аппараттара кэллилэр. Киин сиртэн тэйиччи сытар хотугу оройуоҥҥа аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тэриллэр кэлэннэр, дьон ыраах айаннаабакка миэстэтигэр доруобуйатын туругун көрдөрөн, бириэмэтигэр сөптөөх эмтэниини барар буолара улахан үөрүүлээх түгэн буолар.

«Бастакы сөмөлүөтүнэн флюорография аппарата кэлэн, номнуо таҥыллан туран эрэр. Маммограф, дуограф аппараттара бэҕэһээ кэлбиттэрэ. Бу тэриллэр бары билиҥҥи үйэ ирдэбилигэр эппиэттииллэр, урукку курдук биһиги бэчээппит, флюорография пленката наадата суох, барыта куйаар ситимин нөҥүө холбонон компьютерга киирэр, ону Дьокуускай куоракка ыытан быһаарыыларын ылабыт.

«Маммо-4МТ-Плюс» аппарат аатыгар да иһиллэрин курдук кэрэ аҥардар түөстэрин түһэрэргэ аналлаах, маннык аппараппыт суох буолан тутатына Дьокуускай куоракка ыыталыыр этибит, билигин дьэ бэйэбит түһэрэн диагноз таһаарыахпытын сөп. «Р-500» «Дуограф» аппаратынан уҥуох рентгенын оҥоробут. Флюорография «Ренекс-Ф5000» ООО «С.П. Гелпик» тэрилэ, тыҥаны түһэрэн, ыарахан ыарыылары эрдэттэн сэрэтиэхпитин сөп.

Олус наадалаах саҥа тэриллэри федеральнай бырагыраама нөҥүө ыллыбыт. Бэл диэтэр, дойдубут сүрэҕиттэн – Москуба куораттан бачча ыраах айаннаан кэллилэр», — диэн кылаабынай быраас Анатолий Баишев сырдатта.

Читайте нас в:

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ